Page 138 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 138
кини оҥойор уолугун кыҥаан баран, бинтиэпкэм
элбэрээгин төлө тартым. Сиэгэн өр соҕус тииккэ
хатаастан турбахтаан баран, сиргэ кэлэн «пөс» гына
түстэ. Тиийэн өрө көтөхтүм: кыра буолан баран, лис
курдук ыарахан, ол да иһин күүстээх эбит, дэлэҕэ
даҕаны, сиэгэни «бөҕөс» диэн ааттыахтара дуо?!
Күн уотугар килбэчийэн көстөр кылааннаах түү-
лээх. Сиһигэр улахан ала харалаах.
Бу сиэгэни аан маҥнай бултааһыным.
? Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Араҥас диэн тугуй?
2. Сиэгэни хайдах бултаста?
3. Мэхээлэчээн оҕонньору өйгүтүгэр ойуулаан көрүҥ:
хайдах дьүһүннээх-бодолоох, майгылаах буолуон
сөбүй?
4. Саха булт туһунан кэпсэтэрин олус сөбүлүүр. То-
ҕо буолуой, быһаарсыҥ.
5. Мэхээлэчээн булчут сырыыларыттан биир сөбү-
лээбиккитин талан кэпсээҥ. Кэпсээн омуннаах,
суостаах-суодаллаах эбэтэр көрүдьүөс түгэннэрин,
сымнаҕас элэк-хаадьы тылын (юморын) тиэрдэр-
дии кыһаллыҥ.
Куттас доҕор
Биһиги иккиэ буолан Дьааҥы тэллэҕэр бултуу
сылдьыбыппыт.
— Тугуй ити? — диэтэ доҕорум ыксаабыт куо-
лаһынан. Онуоха көрбүтүм, хаардаах сэксэ биир си-
ринэн дьиэ оннун саҕа дьиктитик кырыарбыт, муус
кыаһаан буолбут. Мин сэрэйдим: кыыл адьырҕа-
та арҕах хастыбакка сэксэ иһигэр кыстыыр. Итин-
ник кыылы бултуур кутталлаах буолар. Өссө итин-
138