Page 135 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 135

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

   1. Балтыгар ким этэрбэһин кэтэртэ?
   2. Кырынаас этэрбэс иһигэр хайдах киирдэ?

     Сиэм диэбитэ — хата, бэйэтэ сиэтилиннэ

    Ураһаттан соччо ырааҕа суох сиргэ биһиги таба-
ларбыт аһыы сылдьаллара.

    — Баран табаларгын тутан кэл, — диэтэ аҕам.
Чэпчэки, бэйэм иэхпит тууппунан мастар быыста-
рынан элэҥ-сэлэҥ тэбэн истим.

    Эмискэччи ойоҕоспор тыас тыаһаата, көрбүтүм —
сүүнэ бэйэлээх бөрө миэхэ ыстанан эрэр эбит. Чу-
гас сиргэ тугум таһаҕаһай диэн саа ылбатаҕым,
кыһыл илиинэн кинини кыайыллыбат, ол иһин атах-
пынан эрэ куота сатаан көрөргө тиийдим.

    Очурдарга охсулла-охсулла, сыыры таҥнары сы-
рылаан түһэн истим. Салгын кулгаахпар куһууран,
иэдэспин талаҕынан быһыта биэрэрдии аһыта истэ.
Ситиччэ түргэнник барбытым үрдүнэн, бөрө ситиэх-
чэ буолла.

    Күүһүм баарынан түһэбин. Табаны тутар маамык
быаны саа курдук кэтэн испитим соһуллубута. Ха-
раҕым кырыытынан көрдөхпүнэ, биир кэм чуумпур
мастыы, өрө хоройон иһэрин бөрө лап гыннаран
ылла. Мин иһэр күүспэр тартаран, бөрөнү балай эрэ
соспохтоон иһэн оҕуттум. «Өллөҕүм» дии санаатым.

    Атахпыттан быһыччабын ылаат, бөрөбөр эргилин-
ним.

    Бөрөм быатын ытырбытынан турар. Санныбар
түһэ-түһэ ырдьах-ырдьах гынар.

    Мин туох буолбутун тута сэрэйдим: бөрө маамык
быа төбөтүнээҕи түмүгүттэн ытырбыт, кини аһыыта,

                                                                                                                    135
   130   131   132   133   134   135   136   137   138   139   140