Page 133 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 133
быта-оҥорбута үйэлэр усталарыгар салҕанан бара
турар дьылҕалаах.
(Николай Копырин)
Саха норуотун тапталлаах суруйааччыта Тимофей
Сметанин Кэбээйи улууһугар төрөөбүтэ. 1940 с. коо-
перативнай техникуму бүтэрэр. Аҕа дойду сэрии-
тин кыттыылааҕа. Оҕолорго аналлаах «Мэхээлэчээн
булчут» диэн бастакы кинигэтэ 1943 с. тахсыбыта.
«Егор Чээрин» сэһэнэ, «Күөрэгэй», «Куоска олоҥ-
хото» остуоруйалара — оҕо барыта сөбүлээн ааҕар
айымньылара.
Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ
Үгүс эрэйдэри эҥээринэн тэлбит ааттаах булчут
Мэхээлэчээн оҕонньор бу киэһэ биһиэхэ кэпсиэх
буолбут тылын толорон:
— Биһиги кыра эрдэхпитинэ, — диэн саҕалаан
барда.
Этэрбэс чааркаан буолбуттаах
Күһүн. Сир-дойду, от-мас — бука бары маҥан та-
ҥастарын таҥныбыттар.
Мин балтыбыныын олорор күөлбүт уҥуоргутуттан
ала оҕуспутунан от тиэйэ бараары букунаһа сырыт-
тахпытына, ийэм тахсан:
— Тоойуом, балтыҥ атаҕа тоҥуоҕа, атын этэрбэс-
тэ кэтэрт, — диэтэ.
Дьиэҕэ киирдибит. Этэрбэс көрдөөн көрдүм да,
булбатым.
— Эн хаал, атаҕыҥ тоҥуо, — диэн балтыбар эт-
тим. Киһим хараҕын куһаҕаннык көрдө, сирэйэ кы-
тарда, онтон хараҕыттан уу-хаар баһылынна.
133