Page 137 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 137

Дьонум уонна булчуттар бэркэ диэн сөҕө-дьик-
тиргии көрсүбүттэрэ.

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

   1. Бөрөттөн хайдах быһыылаахтык куотта?
   2. Бөрө туох буолан ырдьах-ырдьах гынна?
   3. Уол тоҥ мутугу хайдах баайда?

                             Сиэгэн бөҕөс

    Тайахтаабыппыт үһүс күнүгэр аҕам миигин:
    — Эн араҥаскар төннөн, дьиэтээҕи дьоҥҥор аста
илт, — диэтэ. Мин сөбүлэстим.
    Бэҕэһээ биһиги кэлбит суолбут омоонун устун
баран истим. Күн ортото ааһан эрдэҕинэ, бэҕэһээ
кыралаах улахан тайаҕы бултаан, көтөр-сүүрэр сиэ-
ҕэ диэн араҥастаан ааспыт сирбитигэр кэллим.
    Араҥас анныгар тайах буута, түөһэ сиргэ түһэн
сытар. Саҥа түспүт кыраһаҕа сиэгэн суола бааччах
курдук. Араҥас үрдүгэр тахсан көрбүтүм — улахан
тайаҕым биир буута суох. Сиэгэн түөкүн уордаҕа
диэн ол-бу диэки көрө турдум. Ол курдук, көлүйэни
ортотунан эт сүгэһэрдээх сиэгэн дьохооройдонон
эрэр. Араҥастан ыстанан түһэн, сиэгэни эккирэт-
тим. Тайах буутун сүкпүт уонна аҥаар кырыытыт-
тан ытырбыт сиэгэни көлүйэ анараа саҕатыгар ситэ
баттаан ыллым. Миигин көрөн, этин быраҕан, тыа
диэки ойдо. Мин ситэ көтөн, айа маһын курдук та-
йахпынан сискэ биэртэлээтим. Сиэгэн бөҕөтүн урут
истибиккит эбитэ дуу, ымыр даҕаны гыммата, хата,
тайаҕым төттөрү тэйэн, илиим дэргийэн ыарыйда.
Ыттааҕар быдан кыра, ол гынан баран тоҕо бөҕөтө
сүрэй! Сөҕөн кэбистим.
    Сиэгэним улахан тииккэ өрө сүүрэн таҕыста. Мин

                                                                                                                    137
   132   133   134   135   136   137   138   139   140   141   142