Page 124 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 124
Субу тэҥнээҕин булбакка булгунньах саҕа үл-
лэн турбут Көлөпүнэ, намтыы, тимис гына түһэргэ
дылы гыммыта уонна кирис гынан баран дьиэ иһи-
гэр ыстаммыта.
Ийэм, сылабаарын олордо биэрээт, икки илии-
тинэн далбаатана-далбаатана, аттаах дьон диэки
утары сүүрбүтэ.
— Бандьыыттар… Өрүһүйүҥ… Өрүһүйүҥ! — диир
кини.
— Что?.. Бандиты? Где они? — дии-дии маҥнай
сүүрдэн кэлбит кавалерист ийэбиттэн ыйыталаһа
турбута. Онтон чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр элбэх
нуучча, ол иһигэр хас да саха буойуннара ийэм ат-
тыгар баар буола түспүттэрэ.
— Өрүһүйүҥ… Бандьыыттар… Көлөпүнэ!.. — дии
турбута мин ийэм үрүт-үрдүгэр.
Соҕурууттан кэлэ сылдьар 226 нүөмэрдээх Ле-
нинградскай полк сорох чаастара, саха буойунна-
рын холбоон, биһиги алааспытыгар киирэн ааһыы-
тын, мин ийэм ити курдук көрсүбүтэ.
Көлөпүнэлээх дьиэҕэ киирэн, хотонунан куотаары
хаҥас диэки кэлэн истэхтэринэ, иннилэригэр икки
саалаах киһи кинилэри кыҥаабытынан бу утары тах-
сан кэлбиттэрэ. Куттаммыт, ыксаабыт бандьыыттар
утарса барбатахтара.
Өйдөнөн кээлтим, ороҥҥо сытар быһыылаахпын.
Ийэм аттыбар турар, тугу эрэ саҥарар, онтон өйбөр
киирбитэ эрэ: «Ыы, бу оҕобун сиэтэҕин, букатын ат
тэппитин курдук, олорон хаалбыт».
Төбөм өссө ыарыыр, хараҥарар, хараҕым ирим-
дьирим буолар. Онтон иккиһин өй-төй киллэрби-
тим, аттыбар атын, билбэт киһим баарга дылы.
Хортууһугар кыһыл сулус кылбачыйар. Эдэр, нуучча
киһитэ. Нуучча?.. Хантан кэллэҕэй?.. Түһээтим дии?..
Суох, үрдүбэр төҥкөйөн туран тугу эрэ ыга тутар.
124