Page 120 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 120
эккирэтэн иһэн: «Һа-һа, тиис-таас, һа-һа!..» — дии-
дии сүүрдүм.
Хараҕым кырыытынан көөртүм, иччитэх балаҕан-
тан тахсан икки киһи дьиэҕэ бакыҥнаһан эрэллэр,
кэнникитэ бөкчөйбүт, омунугар ат дуҕатын сиргэ
умса уурбут курдук иэҕиллибит. «Уус бандьыыттарга
көстүмээри муҥнанан истэҕэ» дии санаатым.
Соругум туолан үөрбүччэ дуу, ыгыллан дуу күл-
лүм, тохтоотум. Өйдөөн көрбүтүм, Көлөпүнэ олорор.
Киһитэ аттыгар турар, дөйбүт эбит. Тиийиим саҕа-
на, Көлөпүнэ айгыраан туран кэллэ, тэмтэриҥниир,
тэбэнэр, сирэйин мырдыс гыннарар. Киһи эрэ буол-
лар илистибит быһыылаах. «Һаай эбэтээ, бэйи өссө
ити кырата» дии санаатым мин.
Ол икки ардыгар кыра бандьыыт саатын сулбу
тардан ылла да, оҕус диэки туһаайда.
Мин оҕуһу аһынным.
— Убаай, ытыма, ааттыыбын! — диэн саҥа ал-
лайа түстүм мин. Кини ону истиэх бэйэлээх буолуо
дуо, кыҥаабытынан барда.
Мин ыксаатым, оҕуһу олус аһынным. Ынах сааҕыт-
тан халты тэбиммитэ буолан, киһи тоҥолоҕор кэлэн
түстүм. Саа уоһа нөҥүө диэки хайыста, өрө хабылла
түстэ — оҕус ойуур диэки бырдааттаата. Ойуурга
тиийэ оҕустар ханнык эрэ диэн кэтэһэ турдахпына,
Көлөпүнэ маатырылаан эрэрэ баара, төбөм «ньир»
гынан баран, ыараан хаалбыта уонна сырдык-ха-
раҥа иһигэр кииртим.
…Аҕам Наһаар Уустуун дьиэҕэ киирээт, ботуруон
үрдүгэр түһэр, икки уостааҕын ииттэ охсор. Онтон
аҕыйах бөстүөн сыыһа саппаастааҕын эргэ тэрэ-
пиискэҕэ суулаан уура сытыарарын дьааһыктан сул-
бу тардан ылан, биир бөстүөнү ылан Ууска уунар.
— Эр бэрдэ маны сааҕар хатыы охсон кэбис.
Уус салҕалаабыт илиитинэн хап-сабар сулбу тар-
120