Page 115 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 115
йэ-хараҕа саппаҕырбыт, сүрэҕэлдьээбит. Иччитэх
балаҕан диэки көрбүтүм, им-ньим, үүммүт эрбэһин-
нэрэ тулаайахсыйбыттыы күкээриһэллэр, буор сы-
баҕа кубарыйан олорор.
Арай дал диэки оҕус айаатыыр, көөртүм: сайы-
лык ыалларын сүөһүлэрэ мустубуттар. Икки атыыр
оҕус чугасаһан, күрдьүөттэһэн эрэллэр. Мин өй ыла
оҕустум:
— Убаай, ол оҕустар харсан эрэллэр. Баран
көрүөх эрэ.
Киһим саатын тутан олороро, саарбаҕалаата,
иэҕэҥнээтэ, онтон аҕам кэлэр суолун диэки одуу-
ласпахтаата, киэҥ хонуу тухары, туох да көстөн
биэрбэтэ.
— Чэ, барыах даҕаны!
Икки тэҥнээх оҕус харсыһара тыа сиригэр кэп-
сээҥҥэ сылдьар кэрэ хартыына буолар.
Кырдьыга да, күтүрдэр моонньулара үллэн,
иҥиир-ситии түүрүллэн, хол-буут бөкүнүйэн, куту-
руктара сыыйыллан үҥкүү курдук уһуктан, хааннаа-
ҕынан түҥнэри көрөн кэбиһэ турдахтарына, кинилэр
аххан буоллахтара дии.
Оҕустарбыт ыкса чугасаһан киирсиэхчэ киир-
сибэккэ чараас сирдэрин — быттыктарын, бүөрдэ-
рин кыҥаһан буугунаһа сырыттылар.
Өтөр буола-буола чыһыыран кэбиһэллэр, айахта-
рыттан үрүҥ күүгэн сиргэ ньолҕоруйбахтыыр.
Маннык кэрэни көрөн, биһиги улаханнаах кыра:
биирбит саалаах, иккиспит күрүө тоһоҕолоох, биир-
бит бандьыыт, иккиспит кинилэри абааһы көрөөччү —
кэккэлэһэн турдахпыт.
Киһи көҕүтэн киирэн барда. Саатын өрө тутан:
«Тиис-таас, тиис-таас!» — диэмэхтээтэ, онтон тоҕо
эрэ кус оҕотун ытынан ирдэтэн эрэр курдук: «Һээ-
һээ!» — диэмэхтээтэ.
115