Page 110 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 110

— Хайа, тукаам, сылабаар оргуйда дуо?
    Мин сылабаарга уонна бандьыыкка иккиэннэри-
гэр абардым, онтон кинилэри иккиэннэрин өһөөтө-
ҕүм аатыран, сылабаарга чоҕу кытта буруолаах маһы
симмэхтээтим.
    — Ити баар эйиэхэ чэй, хараххын үөтүк соҕус
аһыппат ээ!
    Утуйа сытар икки ыйдаах кыыс уһуктан түллэх
гынан баран, ытаан ыҥаалаата. Ийэм тиийэн бигии
сатаата; оҕо уоскуйбата, бандьыыт да, туох да баа-
рыгар кыһаммакка эбии иэрийэ-иэрийэ барда.
    — Бу оҕо туох буолла, тохтоо-тохтоо! — диэн
баран эргиллэн. — Кэл эрэ, Сэмэнчик, көмөлөс, —
диэтэ ийэм.
    Мин, буруйдаах муҥнаах, дьулайа соҕус туттан,
ийэм илиитэ тиийэр-тиийбэт сиригэр кэлэн тохтуох
курдук буолан истэхпинэ, ийэм төҥкөх гынан, мии-
гин саба тардан ылла. Мин: «Дьэ түбэстим» дии
санаатым.
    Онуоха оҕону кытта кэпсэппитэ буола олорон си-
бис гынна:
    — Аҕаҥ кэлэрэ чугаһаата, хайдах эмэ гынан тыаҕа
түһэн тиийэн сэрэт, — диэтэ, онтон эмиэ оҕотугар
эргиллэн, — Хайа, тоҕойуом, туох буоллуҥ, аччык-
таатыҥ дуо? — дии-дии оҕотун ылан эмиийдэтэн,
умса туттан сукуллан олордо.
    Мин тэйиччи баран эргиллэн көрбүтүм, ийэм тоҕо
эрэ оҕотун түөһүгэр ыга кууспут. Баттаҕын туома ар-
байбыт, көхсө бөгдьөйбүт, ис иһиттэн күүскэ өрүтэ
тыыммахтаан ылла.
    Ийэм, бэл, сааскы аас бириэмэтигэр маннык буо-
ларын көрбөт этим. Мин ону көрөн ордук ыксаатым,
бэл, сылабаар буруотун өйдүөбэккэ турдум.
    — Бу уол иирдэ дуу, киһини буруонан тумнараары
гынна! — дии түстэ Көлөпүнэ уонна, сөтөллө-сөтөл-

 110
   105   106   107   108   109   110   111   112   113   114   115