Page 105 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 105

тым утуйа сытар — кини сыҥаһаны да кэрийбэт,
лэппиэскэни да сиэбэт, билэрэ эрэ уһун күнү быһа
утуйан тахсар.

    — Ийээ, аттаах дьон иһэллэр, мин атым куотта,
чарапчы баҕанатыгар баайан киирдим.

    — Тыый, ол кимнээх үһүлэр, төһө түргэттэрий? —
диэт, ийэм, көрүөх киһи курдук, былаатын уһугунан
хараҕын сотунна.

    — Саалаах дьон, бастакылара Көнтөс илии уола
Көлөпүнэ Көстөкүүн.

    — Нохоо, туох буолан киирдиҥ? Ол… көмөтүнэн
өлбүт киһини эмиэ тоҕо үөттүҥ, аньыы даҕаны? —
диэтэ ийэм куттаммыттыы.

    Мин, буруйдаах киһи быһыытынан, саҥата суох
бардым. Санаан көрдөххө, кырдьык даҕаны, өлөн
баран туран кэлэр, онуоха эбии аттана-аттана тии-
һэр сүрүкэтэ бэркэ дылы эбит. Арай бэрт киһи кини
буолан…

    Ол икки ардыгар дьон ааны күүскэ тэлэйэ тар-
тылар. Бастакыта, куттаммыт санаабар, бэчээтинэй
холобурдаах уһун киһи бэкийэн киирдэ, кэнники-
тэ — аргыһын хонноҕун аннынан кэриэтэ намыһах
киһи. Бэчээтинэй киһи дьиэ ортотугар иккитэ-үстэ
атыллаан киирэн баран, атах оронтон биллэриги,
хаҥас орону — дьоммуттан оһох төрдүгэр тиийэ
көрөн эрилитэн таһаарда: иккис көрүүтүгэр ийэм
биһиккини атахпытыттан төбөбүт оройугар диэри
көрбөхтөөн ылла. Оттон: «Ээ, баҕайылар дьүүкэрэн
түһэҥҥит», — диэх курдук тутунна, иэдэс биэрэн
баран, «чырк» гына силлээтэ, аттыгар турар талах
олох маска кэлэн лик гына олордо.

    — Дьиэлээхтэр, кэпсээҥҥит?
    Ийэм суптутун туттуллар «суоҕунан» көрүстэ, куо-
лаһа улаханнык соһуйбут, титирэстээбит уонна тох-
туу түһэн баран:

                                                                                                                    105
   100   101   102   103   104   105   106   107   108   109   110