Page 101 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 101

«халлаан күөх өҥө тумантан балык миинин кур-
       дук бадыа-бүдүө этэ»;

   «Чөөчө, элиэ кытаахтаабыт чуппуускатын кур-
       дук, туура тутулунна, илиитэ-атаҕа тарапаччыйда
       да, туох да тутулук, тирэх суох буола салгыҥҥа
       ыйанна».

   2. Кэпсээнтэн бу курдук холобурда булан эбии су-
       рунуҥ.

 ! Тэҥнээһин — икки биридимиэти эбэтэр өйдөбүлү

   биирин бииригэр маарыннатан этии. Судургу уонна
   тэнийбит тэҥнээһин баар.

     НИКОЛАЙ МАКСИМОВИЧ ЗАБОЛОЦКАЙ—ЧЫСХААН
                                      (1908—1987)

    Николай Заболоцкай ыраах
тымныы полюһугар — Өймөкөөн
улууһугар 1908 с. төрөөбүтэ.
Өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар,
оскуолаҕа, институкка учуутал-
лаабыта, науканан дьарыктам-
мыта. 1937 с. саха литература-
тын туһунан бастакы уочаркала-
ры суруйбута.

    Оҕолорго анаан «Ферма олох-
тооҕо», «Болот моһуогуруулара»,
«Дьэллик кэпсээннэрэ», о. д.а.
бэртээхэй айымньылары суруйбута.

   Быһаарсыылаах ааҕыыта оҥоруҥ.
   Суолтатын өйдөөбөт тылгытын бэлиэтэниҥ, тыл-

       дьытынан үлэлээҥ.

                                                                                                                    101
   96   97   98   99   100   101   102   103   104   105   106