Page 98 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 98
халлаан муустаах муоратын улаҕатыттан дьүкээбил
уота өссө эбии күүһүрэн, байҕал баалыныы өрө эп-
пэйэн, бүтүн Саха сирин үрдүнэн күндээрэ сырдаа-
быт. Маныаха оҕо, мас тайаҕын быраҕан, суол устун
кыһыл этэрээт турар Чаачыма дэриэбинэтин диэки
сүүрэн токуолана турда.
Утаакы гыммата, айан суолугар көтөн түстэ уонна
дьэ эппиэтэ суох аҥаардас сүүрүүнэн айаннаата.
Аҕыс биэрэстэ сири күөс эрэ быстыҥа айаннаан,
Чаачыма уһугар киирдэ. Дэриэбинэни көрөн баран
дьэ кэҥээтэ, куттала ааста. Кырыысатын үрдүгэр
кыһыл былаахтаах волревком* дьиэтин диэки тэ-
бинэн кэбистэ. Олбуорга саҥардыы чугаһаан эрдэ-
ҕинэ, хаһыы иһилиннэ:
— Тохтоо! Кимҥиний?
Чөөчө, бэйэтин аҕылыырыгар буолан, өйдөөн ис-
тибэккэ, сүүрэн истэ.
Иккиһин хаһыы буолла:
— Тохтоо! Кимҥиний?
Чөөчө дьэ иһиттэ, ол да буоллар тиэтэйэрэ бэр-
диттэн: «Ээ, мин-мин», — дии-дии, баран истэ.
— Тохтоо! — диэн үсүһүн иһилиннэ.
Чөөчө:
— Мин-мин!.. Наада баар… Тиэтэл!.. — дии-дии,
тиэтэйбитин көрдөрүөх курдук, өссө сүүрдэ. Онуоха
саа тыаһа өрө хабылла түстэ… Чөөчө олоро биэрдэ,
олорон эрэ дьэ хаһыы бөҕөнү түһэрэр эбээт:
— Табаарыс, өлөрүмэ!.. Ытыма даа, ытыма!.. Бан-
дьыыттар, бандьыыттар бааллар, ону тыллыы кэл-
лим… эһиги табаарыскыт онно өллө… — дии-дии,
бэргэһэтин устан баран далбаатыы олордо…
Бу икки ардыгар түрүбүөгэ буолла. Олбуор иһэ
адаарыҥнас киһинэн туолла.
Арай Чөөчө биирдэ өйдөөн кэлбитэ, табаарыстар
кинини көтөҕөн баран дьиэҕэ киллэрэн иһэр эбиттэр.
98