Page 97 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 97

Тыастара аргыый хаамтаран, Чөөчөнү аастылар. Чөө-
чө, көрөөрү, сэрэнэн-сэрэнэн хаартан төбөтүн бык-
тарда. Инньэ гынарын кытта, биир бандьыыт атын
кини диэки эргилиннэри тарта. Чөөчө: «Көрдө, би-
лигин ытыаҕа, өллүм» диэн, хараҕын быһа симэн
баран, хаарга тимириэҕинэн тимирдэ.

    Бандьыыттар кинини көрбөтөх эбиттэр. Суол ус-
тун төннөн кэлэн аастылар. Чөөчө дьэ өйдөөтө: бу
тыа иһигэр баар күрүө анныгар турар патруль бан-
дьыыттар эбиттэр.

    Дьэ хайдах буолуохха? Кини бара охсуон наада,
оттон суола буоллаҕына былдьаммыт. Бэйэтэ буол-
лаҕына, үтүлүгүн иһигэр, этэрбэһин айаҕар, моон-
ньугар хаар бөҕө туолан, дэлби тоҥон барда.

    Чөөчө санаа булунна: бу бандьыыттары тыанан,
тоҥуу хаарынан тумнарга быһаарынна. Инньэ гынан,
туох баар күүһүнэн мочоохтоон-мочоохтоон, батыл-
лыбыт хомураҕыттан нэһиилэ тахсан ойуурга киирдэ.

    Дьүкээбил уота, хаар үрдүн кустук өҥүнэн кы-
рааскалаан, тыа иһин хараҥатын арыый сырдатан
биэрдэ.

    Сорох сирдэргэ хаар улахан халыҥ буолан, Чөөчө
өттүгүн баһыгар диэри түһүтэлээтэ. Маннык сирдэр-
гэ оҕо тоҥууну быарынан тоҕо солоон, иннин диэки
сыҕарыйда. Онтон кини баай мутуктаах биир суон
тиит төрдүгэр тиийдэ. Манна хаар чараас эбит, бэл,
оттор төбөлөрө көстөр. Оҕо бу тиит анныгар тохтоон,
тиэрэ түһэн, этэрбэһин айаҕар туолбут хаарын сүө-
кэннэ. Онтон кини от үргээн, ол оту этэрбэһин айа-
ҕар симиннэ. Бу курдук оҥостон баран, Чөөчө мас
тайах ылан дьэ эмиэ тыа устун хааман барда. Кини
бэрт өр хаамта. Хаар дириҥ буолан, сотору-сотору
батыллан хаалан, ийэ-хара көлөһүнэ саба түстэ. Ол
да буоллар баран суолга дьэ киирдэ. Тохтоон өрө
тыынна. Иһиллээтэ. Туох да биллибэт. Арай хотугу

                                                                                                                     97
   92   93   94   95   96   97   98   99   100   101   102