Page 99 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 99
Киллэрээт, дьэ саба түһэн ыйыттылар. Чөөчө,
тыын быһаҕаһынан тыына-тыына, тугу истибитин,
көрбүтүн барытын кэпсээн биэрдэ.
Сирин-уотун, хаһыс, хайдах ыалын командир ба-
рытын ыйытан, истэн баран: «По коням!» — диэн ха-
маанда биэрдэ. Начаас үлүгэр аттаах этэрээт «сус»
гынан, хоту диэки көтүтэ турда. Дьүкээбил уота тол-
бонноох сарыалынан суолларын сырдатан биэрдэ.
Чөөчө да дьонуттан хаалбата, командир ыҥыырын
иннигэр олорон баран суолу ыйа истэ.
Ситэ биир чаас ааспатаҕа — Чөөчөнү хаайтарбыт
бандьыыт тойоно, кини табаарыһын өлөрбүт үрүҥ
саллаат, Идэмэр атыыһыт, кинини саҕатыттан ыл-
быт икки харыс быһахтаах бандьыыт саллаата уонна
да атын үрүҥ бөрөлөр син умсубуттара, аҕыйах гра-
ната аһылыга буолбуттара… Арай Маайа эрэ кыыс
хотон аанынан Чөөчөлөөххө утары сүүрэн тахсыбыта.
1933 с.
Тылбытын байытабыт
Үгэх — балаҕан дьиэҕэ оһох кэннинэн быстахха
үүтү, аһы-үөлү уурар кыракый хос.
Чабычах — намыһах төгүрүк быһыылаах туос иһит.
Биэрэстэ — билиҥҥинэн биир килэмиэтир.
Күрдьүк — хаар күрдьүллэн мунньуллубута. Холо-
бур, тэлгэһэ эбэтэр каток тулата.
Чигди — элбэхтик тэпсиллэн кытааппыт хаар.
Толук — 1. Туох эмэ атыытыгар, төлөбүрүгэр бэ-
риллэр туох эмэ. 2. Туохха эмэ өрүһүлтэ.
99