Page 94 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 94

рыс өлөргө барбыта. Кини кэнники санаата доҕоро
Чөөчө эрэ этэ.

                               ***

    Чөөчө табаарыһын аһыйан ытыы олордо. Аны
миигин билэн өлөрүөхтэрэ диэн өссө ордук ыксаа-
та. Арай биирдэ өйдөөн кээлтэ, тойон саҥата этэн
эрэр эбит:

    — Дьэ, храбрай бырааттар! Этэҥҥэ утуй баар.
Сарсын халлаан сырдык буолла, оччоҕо биһиги Чаа-
чыма деревня ылла баар.

    Маны истэн баран, итирик бандьыыттар, дэриэ-
бинэни ылаллара биллибэтэр даҕаны, «ураа!» диэн
утуу-субуу хаһыытаан тоҕо бардылар.

    Онтон Идэмэр атыыһыт сыраана санньылыйа-сан-
ньылыйа өрө сүгүллэн туран сарылаата:

    — Хомуньуустары хомуска уматыахпыт, оҕоло-
рун ыстыыкка үөлүөхпүт, дьахталларын саабыланан
таһыйыахпыт. Ураа! — диэтэ.

    Кини ураатыгар ким да кыһаммата, арай биир
киһи «өө-өх» диэн хотуолуур саҥата иһилиннэ.

    Мантан утаакы буолбатылар, сотору муннулара
араастаан тыаһаабытынан барда. Иһирдьэ ааҥҥа
биир киһи олордо быһыылаах. Балай эрэ өр хачы-
гыраан, сыыгынаан-сааҕынаан баран, уот умуллуута
кини да мунна эмиэ тыаһаан барда. Арай балаҕан
эрэ үрдүнээҕи харабыл утуйбат, тыаһа биир кэм
хааман куучугуруур-хоочугуруур.

    Киэһэ уот саҕана Чөөчө күрүүргэ бэлэмнэннэ. Ар-
гыый-аргыый сыыллан, үгэҕин аһаҕаһынан таҕыста.
Тахсыбыта, торбуйах долборуга эбит. Долборугу
кыйа торбуйахтар харахтарын уота, сулус курдук,
көҕөрөн көстөллөр.

    Чөөчө долборуктан аргыый оронон турда. Маныа-
ха бастакы торбуйах соһуйан тура эккирээтэ. Онтон

  94
   89   90   91   92   93   94   95   96   97   98   99