Page 90 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 90

хамначчыт кыыһа, оһох кэнниттэн тахсан кэлэн, то-
лук* түстэ.

    — Кэбис, муодалаама. Бу биһиги бэйэбит ыал-
быт оҕото. Ыыт, — диэтэ.

    Киһи өс-киирбэх ыһыктан кэбистэ.
    Чөөчө били кыыс диэки дьөгдьөрүс гынна. Хо-
лумтаҥҥа тиийэн үтүлүгүн ууран баран дьэ эргил-
лэн көрдө. Холкутаата, өлөн баран тиллибит курдук
сананна, өрө тыынна.
    Өйдөөн көөртө: дьиэҕэ киһи үгүс эбит. Аахпыта,
уон биэс киһи баар. Үксүлэрэ уҥа остуолга аһыы
олороллор. Ыдырыйбыт сыалаах эти быһа-быһа
сиэн тэллэҥнэтэллэр. Остуолга чиэппэрдээх арыгы
дыйҕаллан олорор. Бүөтэ аһаҕас, бэйэтэ быһаҕас.
    Идэмэр атыыһыт бастыҥ олоххо олорбут. Тиэрэ
түспүт. Иһэ букатын инньэ дойдуга тиийэн баран,
бочуонактаах бырааска курдук култайан көстөр.
Итирэн, сырайа кытара дыгдайбыт, онто да суох
кыараҕас, ыйаастыгас харахтара букатын мэлийбит-
тэр. Кинини элээннии биир нуучча тойоно, уонтан
тахса саха олорор. Кэпсээннэрэ сүрдээх, баһаам
үлүгэр. Нуучча тугу эрэ кэпсиир, сахалар, тураах кур-
дук дааҕырҕаһа-дааҕырҕаһа, үксэ сымыйанан күлсэ
олороллор. Бу икки ардыгар Чөөчө киирбитин били
нуучча тойоно билбит эбит.
    — Ким кэллэ? Мин манна кими да киллэримэҥ
диэбитим баар. Ким кэлэр — ыытта суох, хаайда
баар, — диэтэ тойон уонна Чөөчөнү ыҥыран ылла: —
Эйиэхэ тох наада? Хантан кэллэ?
    Чөөчө мух-мах барда, тугу да этиэн булбата.
Онуоха били кыыс эмиэ толук түстэ.
    — Ээ, ыалбыт, бэйэбит дьоммут оҕото. Туох эмэ
наадаҕа кэлээхтээтэ ини, — диэтэ.
    Чөөчө мантан өйдөнөн:

  90
   85   86   87   88   89   90   91   92   93   94   95