Page 89 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 89
үгүстэрин, тугу кэпсэтэллэрин истэн-көрөн тахсыах
буолла.
Туран улахан суолтан туораан, омоох суолунан
бардылар. Табаарыһа алаас саҕа тыатыгар саһан
хаалла. Чөөчө ыал диэки бара турда. Иккиэн ара-
ҕыстылар. Иннилэригэр туох түбэһэрин хайалара
да билбэтэ. Күн тиит баһыгар түстэ. Халлаан илин
эҥээрэ күлүгүрдэ.
***
Бэтэрээ, Боотоҕойдоох тэлгэһэлэригэр, саадьа-
ҕай эрэ бургунастара хотон ааныгар өкчөччү тарта-
ран турар. Уонна им-ньим, иһийбит курдук.
Оттон Идэмэр атыыһыт үс лөкү сэргэтэ баппаты-
нан ат баайыллыбыт. Сэргэлэр быһаҕастарыттан
аллара өттүлэрэ муус куйах буолтар. Тулатааҕы
хаардара баранан, буор моойторуктаммыттар. Ат-
тар, муус кыаһаан буолан баран, өрө мөхсө турал-
лар. Онтон бары, чөрбөс гына түстүлэр да, кистээн
дьырылаттылар. Утаакы буолбата, тыс этэрбэстээх,
таба саҕынньахтаах, бэргэһэлэрин куондаратыгар
ый кэлтэкэтин курдук күөх таҥастаах дьон кэлэннэр
били аттары кыбыыга аһата илтилэр.
Чөөчө: «Оо, бандьыыттар бу буоллахтара», — дии
санаата. Уонна эппиэтэ суох дьиэҕэ көтөн түстэ.
Ааны аһан киирэрин кытта биир бэрийбит киһи:
«Хайа, бу кимий?» — диэбитинэн, Чөөчөнү саҕатыт-
тан ылан баран өрө ыйаан таһаарда. Чөөчө, элиэ
кытаахтаабыт чуппуускатын курдук, туура тутулун-
на, илиитэ-атаҕа тарапаччыйда да, туох да тутулук,
тирэх суох буола салгыҥҥа ыйанна. Хараҕын кы-
рыытынан көрдөҕүнэ, киһитэ саалаах, куругар икки
харыс быһахтаах. Чөөчө дьэ ыксаата, өллөҕүм дии
санаата. Хата, маныаха хап-сабар Идэмэр атыыһыт
89