Page 88 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 88

танна, дэлби эрэ түспэт айдаана буола түстэ. Бэр-
гэһэтэ хараҕын саба түстэ, саал былаатын элээс-
кэтэ дэлби мууһуран баран, кытаанах-кытаанахтык
имин кэйиэлээтэ. Атаҕын хамсатан көөртө, тобуга
бокуйбат гына көһүйэ тоҥмут. Чөөчө ыксаата. Саҥа-
та-иҥэтэ кэнники букатын мэлийэн хаалла.

    Маны табаарыһа билэн, эргиллэн көрдө. Көөртө,
уолун икки имэ, хабах курдук, тэйиччи көрөн тахсы-
быттар. Бэйэтэ хаҥналлан баран хайдах эрэ быг-
даллыбыт. Торбос ыстаана, ынах этэрбэһэ тордоччу
тоҥмуттар быһыылаах.

    Маны көрөөт, табаарыс атын тохтотон, Чөөчөнү
түһэрдэ. Уола, сиргэ туруорбутугар, тобугар кыайан
уйуттубакка, умса баран түһэ сыста. Туох эрэ хатан
баран, тоҥмут торбос тириитин курдук огдоллон
турда.

    — Тоҥнуҥ дуу, атаас? Ньучубуо! Билигин ириэх-
пит, — диир табаарыс. Уонна уолун өрөҕөтүгэр уктан
туран, икки ытыһын тилэхтэринэн хардарыта Чөөчө
имнэрин имэрийдэ. Били икки хабах начаас суох
буолан хаалла. Чөөчө имэ ыраастыйан, өссө урук-
кутунааҕар ордук тэтэр гына түстэ. Онтон табаа-
рыс уолун үстэ-түөртэ, мээчик курдук, үөһэ быра-
ҕа-быраҕа, хабан ылла уонна: «Чэ хаамп!» — диэтэ.

    Кинилэр үс биэрэстэ* сири кэллилэр. Аны икки
биэрэстэ кэриҥэ хаалла. Чөөчө бастаан баран, тоҥ-
мут баҕа курдук, хааман баатыйалаан истэ. Онтон
сыыйа этэ итийэн, көһүйбүтэ ааһан, ирэн барда.
Ирэн баран: «Ат куһаҕан эбит. Оҕус быдан сылаас
буолар ээ», — дии-дии, сүүрэн бырдааттаан киирэн
барда.

    Бандьыыттаах Балаҕаннаах дьэ чугаһаата. Суолтан
от күрүөтүгэр туораан таҕыстылар. Онно окко оло-
рон эрэ өр сүбэлэстилэр. Табаарыһа тыаҕа күүтүөх
буолла. Чөөчө киирэн хайа ыалга баалларын, төһө

  88
   83   84   85   86   87   88   89   90   91   92   93