Page 91 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 91
— Ээ, ынах эмиийэ бааһыран, эһэ тыҥыраҕа
көрдөһө кэллим, — диэн чап гыннарда.
— Ыытта сох, хаайда баар! — диэтэ тойон.
Чөөчөҕө өйдөнүөх бокуой биэрбэккэ, били ааҥҥа
турар киһи кэлэн, эмиэ саҕатыттан ылан баран, ил-
дьэн үгэх иһигэр бырахта уонна эт эттиир маһынан
халҕаны баттатан «лик» гыннаран кэбистэ.
Чөөчө, куттанара ааһан, аны кыһыйа санаата. Аба-
тыттан уоран ытаата. Хараҕын уута торбуйах ыстаа-
ныгар топ-топ таммалаата. Онтон сутуругун дуому-
нан үгэх аанын «таһаарыҥ!» диэн баран «лос» гына
сырбатта. Ону истэн, били ааҥҥа турар бандьыыт
саллаата үгэх аттыгар сүүрэн кэллэ.
— Нохоо, сүгүн сыт! А то таһааран ытан кэбиһил-
лиэ! — диэтэ уонна саатын луоһунан сири лиһи-
гирэттэ.
Чөөчө ах барда. Барбах уоһун иһигэр: «Бандьыыт,
чэ бэйи, киэбирэн эр. Мин тимир миинньигинэн
миинньиктэтэрим буолуо. Табаарыспар тахсан этиэм
да эйигин баҕас…» — диэн саанна. Үгэҕин түгэҕэр
олоҕун булунан олорон кэбистэ. Аны тугу кэпсэтэл-
лэрин иһиллииргэ барда. Тугу да соччолооҕу быһаа-
ран истибэтэ. Арай бииргэм «быраат», «бырааттар»
эрэ диэни өйдөөн иһиттэ. Кэнникинэн анараа дьон
саҥалара хойдон, сорохтор хотуолаан, үөхсэн бар-
дылар. Чөөчө итирбиттэрин дьэ биллэ.
Айдаан үгэнин саҕана, икки киһи тыастара ох-
суһан ньиллиргэтиһэн эрдэхтэринэ, арай Чөөчө мас
быыһынан тыкпыт лаампа уотун кычыалыгар көрдө-
ҕүнэ, үгэх хотон диэки өттүттэн, киһи илиитэ көһүннэ.
Чөөчө, куттанан, муннукка дьөлө түстэ. Кини чөчүөк-
кэ илиитэ буоллаҕа дии санаата. Өйдөөн көөртө,
били илии тугу эрэ туппут уонна бэрсэр курдук чо-
чоҥнуур. Онтон киһи саҥата: «Чөөчө, мэ, сиэ», —
диэтэ. Чөөчө, аатын истэн баран, дьэ сэргэхсийдэ.
91