Page 92 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 92
Хап-сабар бии бэрсиини хаба тардан ылла. Ылан
көөртө, тиниктээх уҥуох эбит.
— Мэ, маны, Чөөчө, ис, — диэни аны иһиттэ. Аны
чохоо оҕотугар миин тобоҕо кэллэ. Оттон били киһи
илиитин укпут аһаҕаһынан сирэй көһүннэ. Онуоха
өйдөөн көөртө, били мааҕыҥҥы Идэмэр саах күр-
дьээччи кыыһа Маайа кэлэн аһата олорор эбит.
— Маайа, манан аһаҕастаах дуу? — диэн Чөөчө
ыйытта.
— Кыра баар. Оттон бу маһы ыллахха, эн батан
тахсыаҥ.
— Батыаҥ даа? Чэ, оччоҕо ылан кэбис, Маайа,
уонна оһох чанчыгыттан бэргэһэбин, үтүлүкпүн аҕа-
лаар.
Маайа сөбүлүүрдүү кэҕис гынна уонна аргыый
били маһы сыҕарытан баран эттэ:
— Чэ, мин бардым. Чохооҕун итиннэ ууран кэ-
биһээр, уҥуоххун күрдьүккэ* быраҕаар, — диэн ба-
ран, баран хаалла.
Чөөчө эттээх баҕайы уҥуохха түбэстэ. Тиниктээн,
миинин иһэн кэбистэ. Ирдэ. Тоторго дылы гынна. Бу
курдук аһаан бүтэрин аҕай кытта Маайа кэлэн Чөөчө
үтүлүктээх бэргэһэтин били аһаҕаска ууран баран:
«Сэрэнээр», — диэтэ уонна бара охсон хаалла.
Чөөчө үтүлүгүн, бэргэһэтин ылан кэттэ уонна
хайдах-туох бардаҕына үчүгэй буоларын толкуйдуу
олордо.
Ол олордоҕуна, им ситэ сүтэ илигинэ бадахтаах,
арай таһырдьа аттаах дьон тыастара кэллилэр, дьон
саҥата аймаластылар. Сотору соҕус гынан баран,
аан тыаһаата уонна биир киһи саҥата киирэн эттэ:
— Офицер тойон! Кэһиибин аҕаллым!
— Маладьыас! Ханна баар?
— Офицер тойон! Ол ыт, миигин кытта развед-
92