Page 93 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 93
каҕа барбыт икки бырааппын өлөрөн баран, мин
бэргэн буулдьабыттан оҕунна.
— Это хуже. Аҕал манна! — диэн офицер бири-
кээстээтэ.
— Истэбин!
Сотору соҕус буолаат, тыастара киһини соһон
киллэрдилэр.
— Что, собака, попалась? Откуда прибрела? Ска-
жешь, нет?! — диэтэ офицер. — Молчишь? Нет,
шалишь — заговоришь! Еще молчишь? Напрасно!
Чуумпуру бэлэмнээ баар! — онтон офицер Дьабар
диэн бастыҥ палаһын ыҥыран ылла.
— Кэпсэт! — диэтэ.
— Бэрт сөп! — палач сытар киһиэхэ ойон тиий-
дэ. Икки харыстаах хааннаах быһаҕын сулбу тардан
таһаарда.
Онуоха киһи салҕаластыы-салҕаластыы, онтон-
мантан тайанан, атаҕар туран кэллэ уонна:
— Кровопийцы! Не уйти вам от мести народной!
Не уйти!.. — диэн хаһыытаан баран, сиргэ охтон
түстэ.
Офицер: «Вот сволочь!» — диэн эрэ хаалла уонна
кыһыытыгар хайыы-үйэҕэ өлө сытар киһини бэсти-
лиэтинэн үстэ-түөртэ тобулута ытта.
Бу Чөөчө табаарыһа этэ.
***
Чөөчөнү табаарыһа күн киириэр эрэ диэри күүп-
пүтэ. Ол гынан баран, туттахтара диэн, быыһыырга
санаммыта. Инньэ гынан ыалларга чугаһаары, суол
устун баран испитэ. Ол иһэн үс аттаах бандьыыты
тыа иһигэр ыы муннунан көрсө түспүтэ. Көрсөөт,
ытыһарыгар эрэ тиийбитэ. Кини наганын ылан икки
бастакыларын икки ытыынан охторон баран, үсүһүн
ытан иһэн, бэйэтэ охтон түспүтэ. Онтон антах табаа-
93