Page 95 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 95

орулуу түһэн баран ойдо да, быатын тыаһа «тас»
гына түстэ, торбуйах тоһугуруу турда. Чөөчө торбу-
йаҕы батыһан истэ. Сотору соҕус торбуйаҕа туораан
хаалла, арай ийэтин эмэн сабырҕатара иһилиннэ.
Чөөчө кэккэлэһэ баайыллан турар сүөһүлэри кыйа,
сааҕы-ииги ортотунан бэллэйдээн, баран истэ. Ба-
лай эрэ барбытын кэннэ, сүөһүлэрэ биллибэт буол-
лулар. Тиийэн биир сытар оҕуһу миинэ түстэ. Оҕуһа
турда эрэ, кыһаммата. Оҕус кэннин диэки тымныы
аҥылыйда. Чөөчө аан чугаһаабытын дьэ биллэ.
Илиитин иминэн бигээн ааны булан, аргыый аһан
таҕыста.

    Им ырдьаччы сүппүт. Халлаан чугуун курдук бүрүл-
лүбүт. Туман арыый дьайҕарбыкка дылы. Арай су-
лустар күөх, кыһыл уотунан ыраах, үрдүккэ күлүмнүү
оонньууллар. Чөөчөҕө мичиҥнииргэ дылы гыналлар.
Оттон хоту саҕаттан араас дьэрэкээн уот лиэнтэлэр
халлааҥҥа өрүтэ сыыйыллаллар. Бу дьүкээбил уота
саҕаланан эрэр эбит. Сотору бу сырдык уот хотугу
халлааны бүтүннүүтүн күндээрдэ сырдатыаҕа.

    Чөөчө тохтоон, ханан саһан барарын талан көрөн
баран, чигдилээх* хаар, кыс мас, дал күлүгүнэн,
хаһаа кэтэҕинэн тыа саҕатыгар, балбаах тоҕор сир-
гэ тиийдэ.

    Дьэ холкутук тыынна. Төттөрү хайыһан туран, су-
туругун ыараҥната-ыараҥната: «Дьэ, бандьыыттар,
бэйи кэпсэтэрбит буолуо!» — диэтэ.

    Чөөчө балбаах тоҕооччулар сыарҕаларын ыллы-
гын устун тыа иһинээҕи суолга киирдэ.

    Манна, тыаҕа, хараҥа эбит. Чөөчө мантан хайдах
эрэ этэ тардан, сэрэнэн, бэрт аргыый хааман истэ.
Арай тыа ортотун холобурдаахха тиийиэхчэ буолан
эрдэҕинэ, иннин диэки дьон саҥата иһилиннэ. Чөө-
чө сүрэҕэ «парк» гына түстэ. Куттанан, суол ыксаты-
гар турар улахан төҥүргэс кэтэҕэр сөрүөстэ биэрэн

                                                                                                                     95
   90   91   92   93   94   95   96   97   98   99   100