Page 100 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 100
? Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Кэпсээн хас биирдии чааһын ааттааҥ.
2. Ыаллар тоҕо саспыттарый? Чөөчө туох санааттан
дьоно ханна баалларын эттэ?
3. Аҕата тоҕо уолун сирдьитинэн ыытта?
4. Чөөчө бандьыыттар уонна табаарыс тустарынан
туох санааҕа кэллэ?
5. Маайа уобараһа кэпсээҥҥэ туох суолталааҕый?
6. Чөөчө хайдах санаалааҕын көрдөрдө? Айымньыт-
тан ону бигэргэтэр түгэннэри булан быһаарыҥ.
7. Биирдии дьоруой майгытын көрдөрөр түгэннэри
айымньыттан холобурдаан кэпсээҥ.
8. Кэпсээни ааҕан баран туох санааҕа кэллигит?
АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ
«Дьэ хайдах буолуохха?» диэн этииттэн «Чаачыма
дэриэбинэтин диэки сүүрэн токуолана турда» диэҥҥэ
диэри быһа тардыыны сиһилии кэпсээҥ. Тиэкискитин
ааттааҥ.
КЭРЭ ЭЙГЭТИГЭР
«Саха худуоһунньуктара — оҕолорго» үөрэх электрон-
най босуобуйатыттан бу кэми ойуулуур хартыыналары
булан, айымньыга сыһыаран кэпсэтиҥ.
УУС-УРАН ТЫЛ ЭЙГЭТИГЭР
1. Бэриллибит этиилэргэ ханнык уус-уран ньыма
туттуллубутун быһаарсан ырытыҥ:
«куттал улаатта, сүрэхтэрин тыаһа сүүрүк ат ту-
йаҕын тыаһын курдук битигирээтэ»;
100