Page 103 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 103
ылыммакка, дьиэтигэр оттуу хаалбыта. Ол кини
олохтон салпытыттан буолбатах этэ, төттөрүтүн,
олох тардыыта кинини сайылыкка, ходуһаҕа хам
кэлгийбитэ. Кини бэйэтин өлүү сирин бүтэрэ ох-
сон баран, сэниэ ыалларга хамнаска үлэлэһэн, уһун
кыһын кыһалҕатын аччатыныах, биһигини — кэргэ-
нин, оҕолорун — эрэйэ-муҥа суох сыл таһаарыах
санаалаах этэ. Оттон быыкаа өлүү сирбит туому-
гар ыспыт ньэчимиэммит ааспыт ардахтар кэннилэ-
риттэн хамсыы-хамсыы тахсыбыта. Дьэ ол кэннэ,
дьадаҥы ыал эрэйдээх хайдах барытын тоҕо тэбээн,
төрөөбүт алааһыттан куота сылдьыан сөп этэй?
— Дьэ уонна кэллэхтэринэ даҕаны, биһигиттэн
туохпутун былдьаан-талаан барыахтарын сөбүй?
Туга да суох дьонтон. Онуоха эбии олорор сирбит
да түҥкэтэх, чиэски соҕуска дылы дии. Хата, эн
кинилэри саахар да манньалаатаххына, манна өҥө-
йөллөрө биллибэт! — диэн кини ийэбин уоскутара.
— Оттон дьон бары куотан эрэллэр дии.
— Куотумуналар, кытыгырас буолан баран. Ол
эрээри мантан инньэ халлаан ардаан бардаҕына,
хайдах сырсыакалаһалларын көрүөхпүт… ол кыты-
гырас дьон! — диэн баран, аҕам бытыгын быыһынан
ымах гынан ылара.
Дьэ ол курдук биһиги аҕабыт, төрүт да өһөс муҥу-
таан, ууга киирбэтэх оҕус курдук, кэлии да соҕох
буолбута. Ийэм хаһан да хайаахтыай, өрө тыынан
баран, сапсыйан кэбиспитэ. Кини, киһитэ өһөстөҕү-
нэ, кыайан эргиппэтин бэрт үчүгэйдик билэрэ.
Оттон Көлөпүнэ диэн бандьыыт, уруккута арыгы-
һыт, хаартыһыт дьалбаа киһи, биһигини саанара
иһиллэрэ. Биһиги киһибитин өлөрүүгэ кини эмиэ сы-
һыаннааҕа чахчы буолуохтаах этэ. Онтон кини ханна
эрэ сэриигэ өлбүт сураҕа саас биһиэхэ иһиллибитэ.
103