Page 107 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 107

буолуо ээт», — дэһэ-дэһэ көбдьүөрүстүлэр. Онтон
күн куйаарбытын кэпсэттилэр, сөтүөлүүр сири ыйыт-
тылар, мин сирдиэх да курдук буоллум.

    Көлөпүнэ миигин: «Чоп курдук кэпсэтэр, букатын
улахан киһи», — диэтэ, онтон көтөҕөн ылан, үөһэ-ал-
лара эргиппэхтээтэ.

    Сиргэ түһэриэх курдук гынан иһэн: «Аҕаҥ хаһан
кэлиэй?» — диэтэ, онуоха мин баара: «Сотору кэ-
лиэ», — диэбиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалла.
Киһим хап-сабар: «Ээ, сөп», — диэтэ, туруоран ба-
ран, төбөбүттэн имэрийтэлээн ылла. Түһэн баран
ийэм диэки кылап гыммытым, ийэм кынчарыйан кэ-
бистэ.

    Көлөпүнэ тыыллаҥнаата, дьааһыйан аппайда. Мин
ону көрөн баран: «Айаҕа тугун киэҥэй, туох этин
тулутуох баҕайыный?» — дии санаатым.

    Онтон киһитин диэки эргиллэн баран бытааннык
эттэ:

                                                                                                                    107
   102   103   104   105   106   107   108   109   110   111   112