Page 104 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 104

— Чэ, урааҥхай киһи сараан да эрдин, — диэ-
битэ, ону истэн баран мин аҕам.

    — Күтүр, аньыы даҕаны, киһи өлбүтүгэр тугу
үөрдэҥий? — диэн ийэм мөхпүтэ. Онуоха аҕам утар-
са барбатаҕа. Кырдьыга да, олоҕу кытта ахсаанын
бүтэрсибит киһини сэтэрээн туох туһатын ылыаҥый?

    Ыаллар көспүттэрэ ыраатан барда.
    Аҕам Уус Наһаарга сир табыйа барбыт күнүгэр
куйаас этэ.
    Күн арҕаалаан, тыа баһыгар түһүүтэ, мин талах
аппын миинэн, сүүрдээри чыпчахайынан быһыта
биэрэбин. «Атым» кистиир, эмиэ да тыбыырар, өрө
ходьоруҥнуур, онтон ийэм куурда уурбут собус-со-
ҕотох чабычаҕыттан сиргэнэн туора ойор.
    — Һа, сордоох сылгы доҕор! Киһини охторо сыс-
та. Бэйи, мин эйигин сыһытыам ээ! — диэн баран,
садьыйталаан ылабын.
    Ол сырыттахпына, кэнним диэкиттэн арай хаппыт
буорга аттар туйахтарын тыаһа бытарыһа түстүлэр.
Тыас хоту хайыһан көрбүтүм, бэрдээннэрин санны-
ларыгар сүкпүт, оҕус моонньун тириитэ батаран-
таастарын кириэстии иилиммит икки саалаах киһи
бу өрө көтүтэн иһэллэр эбит.
    Бандьыыттар! Онтон эрэ буолбатах, миигин ор-
дук дьулатыан туһугар, бу саас сэриигэ өлөн хаал-
быт Көлөпүнэ Көстөкүүн илэ бэйэтинэн субу бас-
таан баран, сиэллэрэн дыгдаһытан иһэрэ букатын
өмүтүннэрэн кэбиспитэ. «Бу үлүгэри!» дии санаат,
мин аппын «сарк» гына быраҕан кэбиһэн баран,
быыһыыр, көмүскүүр киһибэр, ийэбэр, тыллыы ох-
соору дьиэбэр сылып гынан хааллым.
    Ийэм, муҥар икки хараҕар кэлтэһэ тахсан, хаҥас
ороҥҥо сытара. Икки балыстаахпыттан улахана
аҥаар илиитигэр лэппиэскэ тутуурдаах сыҥаһаны
кэрийэ сылдьар эбит, оттон икки ыйдаах кыра бал-

 104
   99   100   101   102   103   104   105   106   107   108   109