Page 102 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 102

Сайылыкка

    Ол 1923 с. сайын этэ.
    Үрүҥнэр үлтүрүйбүт этэрээттэрин тобохторо хо-
тунан уонна илининэн соломмуттара, тыа устун бы-
даммыттара. Кыһыл Армия кыайыылаах кимээһинин
тулуйбатах кыһыыларын тарҕаталларыгар, оскуола-
лары, баланыыссалары уоттаан, саата-саадаҕа суох
дьону өлөрөн-талаан, өһүөннэрин ситиһэ сатаабыт-
тара.
    Ыаллар, дьиэлэрин халҕанын суон дүлүҥүнэн
баттатан, торбосторун үрүөлэрин* устуталаан субан
ыытан баран, бэйэлэрэ эмиэ тыа устун субан баар-
тара.
    Саҥардыыҥыта аҕай үөрэ-көтө, тиҥинии-таҥы-
ныы олорбут сайылыктар иччитэхсийэн, чуумпуран,
дьэбин уоһан хаалбыттара.
    Биир эмэ ыал үлэ, дьиэ кыһалҕата, ордук от, бур-
дук үлэтэ кыһайан, «хаһан да хайыахпытый» диэн
оннуларыгар олорон хаалара, санааларын кытаа-
тыннаран «оҥоруубут билиэ» дииллэрэ. Кырдьык, ол
от үлэтин үгэнин саҕанааҕы бириэмэ этэ. Кыһытыан
иһин, ардаҕа суох ыраас, чуумпу күннэр турбуттара.
Сайыҥҥы үүнүүлээх солко күөх от барахсан дьон
атаҕар бэйэтинэн иилистэ, «барымаҥ, куотумаҥ»
диэн ааттаһа сытар курдук этэ.
    Ол барыны быраҕан куотан эрэр дьоҥҥо дэлэ
кыһыылаах буолуо дуо? Ол да буоллар куттал обур-
гу дьону тыаҕа кыйдаабыта.
    Куттал, дьулаан обургуну умса баттаан, оннула-
рыгар хаалбыт ыалтан биирдэстэрэ биһиги этибит.
Билигин санаатахха, тыаны киһи иннинэ биһиги бу-
луох эбиппит, аҕабыт быраатын кыһын бандьыыт-
тар тутан өлөрбүттэрэ. Мин аҕабын даҕаны үрүҥнэр
дьиктитик атыҥырыы көрөр этилэр. Ол үрдүнэн,
кини тыаҕа куотар туһунан дьон сүбэтин-соргутун

 102
   97   98   99   100   101   102   103   104   105   106   107