Page 106 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 106

— Хайалара этиҥиний, эчи, хараҕым-көһүм көс-
түбэт буолан, билэрбин да билбэт буоллум, — диэтэ
ийэм.

    Онуоха анараа киһи кистэммэтэ.
    — Туох даа? — диэн баран, ийэм иккиһин ыйытта.
Чахчыта Көлөпүнэ буолла.
    — Тоҕо бу айылаах туоһуластыгыт, күүппэтэҕиҥ
буолуо? — диэн баран Көлөпүнэ күлэн арсайда, он-
тон аҕабын ыйытыста. Ийэм тайахтыы баарта диэтэ,
хаһан да кэлэрин быһааран билбэтэ.
    Көлөпүнэ иккиһин болҕойон тобулу одуулаата.
Биһиги умса көрөбүт, арай балтым Арапыай кут-
таммакка утары одуулаһар. Уонна өр мүлүктэспит
лэппиэскэтин тобоҕун Көлөпүнэҕэ уунна. Бандьыыт-
тар саҥата суох бэйэ-бэйэлэрин диэки көрсөн кэ-
бистилэр. Бэл, Көлөпүнэ мунааран атын сир диэки
хайыста.
    Ити кэнниттэн кэпсэтии миэхэ эргилиннэ. Мин
«аппын» хайҕаатылар. Көлөпүнэ олох мастан адаҥ-
хастаан туран төбөбүн имэрийдэ.
    — Ээ, Сэмэнчик — маладьыас уол, аты да мии-
нэрэ бэрт эбит.
    — Мииниэх урааҥхай.
    — Биһигини көрөн төгүрүҥнэппитэ олус.
    — Доҕоор, аккын биһиэхэ эттиэҥ дуо?
    Бандьыыттар тула күө-дьаа буоллулар. Дьонум
атыннык ымаҥнаан бардылар.
    Мөҥүө диэбит киһим күлэн-оонньоон барбыты-
гар, үөрэ санаатым, инньэ гынан санаам хара өртө
барыта, ханна эрэ үөр курупааскы буолан, бурал
гына көтөн хаалла. Аҕабын тута кэллэхтэрэ буолуо
диэн куттаммытым ханна да суох буола оҕуста.
    — Өссө ити кыратык сүүртүм, — диэн киһиргээн
быһынным. Онуоха дьонум хап-сабар: «Ээ, оннук
быһыылаах, уйуһуйдаҕына, кыырайан барар сылгы

 106
   101   102   103   104   105   106   107   108   109   110   111