Page 108 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 108

— Быраат, биһиги аттарбытын манна сынньатан
барыыһыбыт, киэһэ сөрүүҥҥэ айаннаан көрүөхпүт,
эн санааҕар? — диэтэ. «Быраат» биир тыла суох
сөбүлэстэ.

    — Дьэ, Марыына, биһигини чэйдэттэҕиҥ дии! —
дэһии буолла. Оччону истэн баран, олоруох баар буо-
луо дуо? Ийэм туран ыаҕайалаах сүөгэйин сыыһын
иирдэ барда. Көлөпүнэ уҥа ороҥҥо иттэннэри түһэн
киппэллэн кэбистэ, оттон били киһитигэр:

    — Доҕоор, тахсан аттаргын иччитэх балаҕаҥҥа
киллэрэн уган кэбис, сөрүүкээтиннэр уонна таһыр-
дьа сырыт, баҕар, мөхсөн быаларын быһыахтара
эҥин, — диэтэ.

    Киһитин оннугар аспыт аана «ээх» дииргэ дылы
гынна, соччо кэбэҕэстик таҕыста.

    Көлөпүнэ сыппахтаан баран, сылайбыт киһи бы-
һыытынан, хараҕын быһа симэн, нуктаан барда.
Ийэм миигин илиитинэн имнэнэн ыҥырда, тоҕо эрэ
сүөгэйин дьалкытта, ымсыырбыт санаабар, ыаҕайа
таһынан, үрүҥ көмүс үллүбүтүнүү, мөлбөрүс гына
түстэ. Аччык сылдьар муҥнаах, сөмүйэм таһынан
сотон ылыах санаанан тиийэн, сарбас гынан ис-
тэхпинэ, ийэм түөскэ аста, мин «ых» диэн баран
балачча тэмтээкэйдээтим.

    — Күтүр өстөөх, аҕаҕын, миигин сиэтэн баран
бас-атах барыаҥ, — диэн өһүөннээхтик сибигинэй-
дэ.

    Ити бириэмэҕэ Көлөпүнэ уһуктан, хараҕа сими-
риҥнээн ылла.

    — Бар, манна оботура туруоҥ дуо, сылабаары
өр! — диэн көбүөлээтэ ийэм.

    Мин бараары гыммыппын тохтотон, тугу эрэ им-
нэнэ сатаата.

    Мин, тоҕо эрэ ытыах киһи, буруйбун билинэн, сы-
мыһахпын быһа ытырдым.

 108
   103   104   105   106   107   108   109   110   111   112   113