Page 109 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 109

Аҕабын бу киэһэ кэлэр диэн тыллаан биэрбиппин
дьэ өйдөөтүм. Ийэбин эмиэ илдьииһилэр, кырдьык,
мин эрэ соҕотох хааларга тиийииһибин.

    Сылабаар өрө бардым. Ыал буолускай сылабаа-
рын ылан таҥкынаттым.

    — Тукаам, тоҕо көмүс сылабаарга өрбөтүҥ? —
диэтэ Көлөпүнэ.

    — Бэйэм.
    — Көмүс сылабааргытын хаһан өрөҕүт?
    — Маанылыыр ыалдьыппытыгар.
    — Оччоҕо биһигини маанылаабат буоллаххыт?
    Мин, туох да диэн хоруйдуурбун булбакка, хаат-
таран турдум, маанылыыр санаа кырдьык суох буол-
ла. Хата, ийэм өрүһүйдэ.
    — Ээ, ити дьон сылабаардара, өрүммэппит ээ, —
диэн көннөрдө.
    — Ол иһин оннук буолуо, — диэн баран, Көлөпүнэ
мин диэки үөннээҕинэн көрдө уонна, — хаһан эрэ бу
уол көнөтүгэр баһа хатыа, — диэн баран, эмиэ күлэн
ассайда. Мин этим саастара тымныйан ылыталыыр.
    Балачча өр буолла, иччитэх балаҕаҥҥа ат уга бар-
быт бандьыыт киирэн биэрбэтэ, онуоха эбии куйаас
намыраан эрдэҕинэ, аттарын иччитэх балаҕаҥҥа
сөрүүкэтэ угаллара муодата бэрт, мин аҕабар то-
һуур оҥордулар быһыылаах. Аҕам ону билбэккэ кэ-
лэн биэрииһи, ол эрээри өлөрө кэлбит дьон дьүһүн-
нэрэ суохха дылы, оонньууллар-күлэллэр.
    Ити икки ардыгар ийэм сүөгэйин иирдэн бүтэрдэ.
    Көлөпүнэ хат нуктаан барда. Мин ийэм диэки
көрбүтүм, ийэм эмиэ имнэннэ уонна илиитинэн
таһырдьаны ыйар. Кини соруйарын мин өйдөөтүм
быһыылаах.
    Көлөпүнэ утуйбутунан туһанан, таһырдьа сылбыс
гыныах санаа киирэн эрдэҕинэ, бандьыыт хат хам-
саан, хараҕын аһан кэллэ.

                                                                                                                    109
   104   105   106   107   108   109   110   111   112   113   114