Page 96 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 96

кирис гынна. Кини манна балай эрэ өр саһан олор-
бохтоото да, дьоно бэттэх кэлбэтилэр. Оттон саҥа-
лара буоллаҕына син биир баар, антах да барбат,
бэттэх да кэлбэт. Табахтаан бүттүлэр быһыылаах.
Хамса күлүн саа луоһугар тэбиир тыастара иһиллэр.

    Чөөчө бу диэки хайаан да кэлиэхтэрэ, оччоҕо
манна олорон көстүөм диэн, чугас турар суон тиит
күлүгэр саһаары, тоҥуу хаарынан туора ойдо. Бу
ойон иһэн соҕотохто умса баран түстэ, куобах уоһу-
гар иэччэҕин хараҕар диэри батыллан хаалла. Оҕо
атахтарын кыайан орообото, тиит күлүгэр түһэр кыа-
ҕыттан тахсан, хаар үрдүгэр даллаахтыы олордо. Бу
икки ардыгар били дьон саҥалара чугаһаан кэллэ.
Сотору икки саалаах бандьыыт бэттэх иһэллэрэ мас
быыһынан көһүннэ. Чөөчө ыксаата, хайдах гыныан
булбата. Онтон хаптайдар-хаптайан, хаары эбии
дьөлө хаһан, хаар иһигэр бүк түһэн, саһан хаалла.

    Өтөр буолбатылар, бандьыыттар субу кэллилэр.

  96
   91   92   93   94   95   96   97   98   99   100   101