Page 87 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 87
кэлэллэрэ буолуо. Идэмэр атыыһыт кинилэр тойон-
норо үһү, — диэтэ оҕонньор.
Маныаха туран табаарыс аны сирдьит көрдөөтө.
Ону оҕонньор төбөтүн тарбанан баран: «Чэ, оҕобун
илт!» — диэн уон икки саастаах Чөөчө уолу биэрэн
ыытта. Ийэтэ эмээхсин, оҕоҕун өлөртөрө биэрдэҕиҥ
диэн, аһыйан, ытыы-ытыы, оҕонньорун мөхтө. Онуо-
ха оҕонньор: «Мин барарым олуона, оттон оҕо буол-
лаҕына сылдьыа. Аахайыахтара суоҕа, хата, ким-
нээҕэр сылбырҕа буолуо», — диэн саба саҥаран
кэбистэ.
***
Халлаан күөх өҥө тумантан, балык миинин курдук,
бадыа-бүдүө этэ. Күн, буспут собо хараҕыныы, ту-
наарыйа өлөн уһунна. Киэһэрэн, кыыһа быһыытыйда.
Табаарыс Чөөчөлүүн мэҥэстэн бараннар, таас
чүөччэрэ төгүрүк алаастары быһыта түһэн, үмүрүк
төбө үрүйэлэри сыыйан, илиҥҥилии-хоту баран
истилэр. Аара сэһэн-сэппэн ыраатта. Бандьыыттар
баай, кулаак былааһын тириэрээри сэриилэһэллэ-
рин, ону Кыһыл Армия хайдах кыайыах тустааҕын
табаарыс Чөөчөҕө аргыый сэһэргээтэ.
Чөөчө ону иһиллээн истэ. Кини быһатын эрэ өй-
дөөтө. Быһата, бандьыыттар дьадаҥы дьон өстөөх-
төрө эбиттэр. Онон кинилэри сэриилээн, тимир
миинньигинэн миинньиктээн, өлөрөн-өһөрөн истэх-
хэ сөп диэн өйдөөтө. Бу курдук өйдөөн баран, уктаах
улахан миинньиги санаата. Ону дьадаҥы дьон бары
угуттан тутан бараннар бандьыыттары, сыыс кур-
дук, илбийэн эрэллэр курдук толкуйдаата. Чөөчө бу
курдук толкуйдаан хаҥналлан истэҕинэ, табаарыс
эмиэ куолутунан атын сиэллэрэн барда. Кинилэр
сиэллэрэ-сиэллэрэ хаамтаран айаннаан испиттэрэ.
Чөөчө, ат сиэлэрин кытта, толкуйун ситимэ быһа ыс-
87