Page 82 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 82
куһаҕан кэмэлдьитин күлэр, олору утары охсуһар ис
хоһоонноох.
3. Дириҥ ис хоһоонноох буолан баран, суруллар
кээмэйэ кыра буолар.
4. Үгүс өттө хоһоонунан суруллар, ол эрээри кэп-
сээн форматынан суруллубут үгэлэр эмиэ баар буо-
лаллар, холобур, «Холлоҕос уонна Дүлүҥ».
Тэҥнээн көрүү
Бу икки айымньыны туох ситимниирий?
Тыыннаах тыл
«Тураахтаах Күүдээх» үгэнэн мультфильм оҥорон
холонон көрүҥ.
Анаан дьүүллэһии:
1. Тоҕо дьон-сэргэ «Үтүө майгыҥ — көтөр кына-
тыҥ» диэн бигэргэтэллэрий?
2. «Сыһыан». Биир быһылаантан ситимнээн биир
киһиэхэ сыһыан араас көстүүтүн ырытан кэпсэтиһиҥ.
82