Page 81 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 81
2. Тураахтаах Күүдээх күһүҥҥү доҕордоһууларын
дьиҥнээх доҕордоһуу диэн ааттыахха сөп дуо?
3. Тураах соҕурууттан кэлэн баран хайдах быһыы-
ланарын тылгытынан ойуулаан кэпсээҥ.
4. Тураах тосту-туора майгытын Күүдээх сэмэлиир
дуо?
5. Бэйиэт Күүдээх ис туругун ханнык тылларынан
биэрэрий?
УУС-УРАН ТЫЛ ЭЙГЭТИГЭР
Киһиэхэ баар куһаҕан кэмэлдьилэри атынынан
сирэйдээн, ханалытан көрдөрөр, өйдөтөр, үөрэтэр
сыаллаах, үксүн хоһоонунан суруллар кыра айымньы
үгэ диэн ааттанар.
Атын уус-уран айымньылартан үгэ түөрт бэлиэ
уратылаах:
1. Дьон үксэ хамсыыр харамайынан, тыынар-тыы-
на суох барамайынан сирэйдэнэн көрдөрүллэллэр.
Холобур, Күн Дьирибинэ «Көбүөхтүүрүн аанньа
күөх киһиргэс» диэн үгэтигэр өс киирбэх, киһиргэс,
дэбдэҥ буолан албыҥҥа-түөкэйгэ дэбигис киирэн
биэримтиэ дьону турааҕынан ойуулуур. Оттон нууч-
ча улуу үгэһитэ И. Крылов «Көлүйэ уонна Өрүс»
диэн үгэтигэр сүрэҕэ суох киһини көлүйэнэн, сүрэх-
тээх, үлэһит, сытыы киһини өрүһүнэн сирэйдээн
көрдөрөр. Олоҕу итинник тэгилитэн көрдөрүүнү ал-
легория дэнэр. Аллегория үксүн өс хоһоонугар тут-
туллар.
2. Толоос, куһаҕан быһыыны хомуруйар, сэмэ-
лиир, өйдөтөр, үөрэтэр суолталаах. Крылов үгэлэрэ
араас бодоҥноох майгылаахтары, өһүөннээх, тыйыс,
ньүдьү-балай, сиэри билбэт баайдары, ыраахтааҕы
үрдүк сололоохторун хоһулууллар, ону кытта тэҥҥэ
баттаммыт, дьадаҥы өттүн көмүскүүллэр. Үгэ киһи
81