Page 80 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 80
Маҥнай кэлэн маанымсыйар бадахтаах,
Мара быһыы суох, майгы-сигили уларыйбыт:
Күрдьүк диэки көрбөккө, күтүр үрдүгүнэн,
Күөх халлааны көхсүнэн, көбүөхтүү көтөр,
Ыыр диэки ыксаласпакка, ыраах үлүгэринэн,
Ытык халлаан ыксатынан, ыадайа көтөр
Буолан хаалбыт буоппал бэйэтэ.
Күүдээх эрэйдээх көрө сөхтө.
Тиэтэйбэккэ эрэ тэлээрэн тиийэн,
Тиит чыпчаал мутугар чэмэс гына олордо.
Тумсун-уоһун туора-маары сотунна,
Хара түүлэрин хамынан оҥоһунна.
«Көтөр кынаттаах күүстээх ыраахтааҕытабын,
Сүүрэр атахтаах сүдү тойонобун»
Диэх курдук, дэлэйдик тутунна.
Дэлби киэбирдэ, дириҥник дааҕырҕаата.
Күүдээх эрэйдээх, көрөр күндү доҕорум этэ,
Бииргэ бултуур бэрт билсиилээҕим этэ диэн:
— Хайа, доҕоор, хара Тураах, дорообо,
Хаһан кэллиҥ, хайдах сырыттыҥ? — диэн,
Халыр-босхо бара-бара, хаардаах бөх быыһыттан
Хаччыгынайан тахсан, хаһыытаан ыйытта.
Тураах атаһа «чонох гына-гына чохоҥноото»,
Кыбыстан, кыйбыҥнаан хамсаата, дааҕырҕаата:
«Чоху — чохуга, баҕа — баҕаҕа!
Сытыган үөдэн сыыскын да ырыта сырыт!» —
диэтэ,
Айаҕа кытарда, антах хайыста.
Атаһын кытта аанньа ахтан кэпсэппэтэ.
? Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Тураах Күүдээҕи кытта күһүн туох кыһарыйан,
тоҕо доҕордоспуттарый?
80