Page 79 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 79

СТЕПАН АФАНАСЬЕВИЧ САВВИН—КҮН ДЬИРИБИНЭ
                                      (1903—1970)

                        Тураахтаах Күүдээх

                                     (Үгэ)

Күрдьүк анныгар уйаламмыт
               күкээркэй дьүһүннээх,

Күлтүрүйбүт быһыылаах
                      Күүдээх эрэйдээх

Арай биирдэ, ас булар сирэ
Адьас биир буолан,

                    атастаспыт эбит —
Сарып-ирип көппүт,

                    сахсайбыт түүлээх,
Хааҕырҕаан саҥарбыт

                  хара Турааҕы кытта.
Кырыа хаар кыһалаах,

                                  кытаанах тымныы кыстыктаах,
    Кылыс тыал күөртээх кыһын обургу кыһайан,
    Ойоҕун, оҕотун мунньан, ороҕун кэҥэтэн,
    Күүдээх эрэйдээх күрдьүк анныгар көспүт.
    Хара Тураах хаайтарыа дуо, халыҥ үөргэ

                                                                  холбоһон,
    Хааҕыргыы-хааҕыргыы, итии сиргэ көппүт.
    Хаарыан сайыҥҥа харамнаһан муспут
    Хасааһа аҕыйаан, хара күн кэлэн,
    Эрдэҕэс күн эркиннээх, итии салгын илдьиттээх
    Эриэккэс итии саас эргийбитин билэн даҕаны,
    Күүдээх эрэйдээх күрдьүгүн анныттан
    Көбүөхтээн көбөн, күөрэйэн тахсан,
    Сылаас күн уотугар сыламныы, кылаҥныы,
    Сыыһы-бөҕү сытырҕалыы сылдьан,
    Хантас гынан, халлаан диэки көрбүтэ:
    Хаарыан доҕоро хара Тураах хантаһыйан

                                                                 эрэр эбит!

                                                                                                                     79
   74   75   76   77   78   79   80   81   82   83   84