Page 78 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 78

6. Тэмэлдьигэн Миитэрэй «күрүөҕүн аанньа туппат
       буола-буолаҕын», «үтүө сүөһүнү… баалкынан эт-
       тиигин» диэн этиилэрэ төһө олохтоохторуй?

   7. Тэмэлдьигэн Миитэрэй «быһыыта, ардах кэлээ-
       ри гынна дуу?» диэн этиитэ тугу кытта ситим-
       нээҕий? Бу түһүмэх дьүүлэ төһө олохтооҕуй?

         Тыыннаах тыл
        Кэпсээн сюжетынан сценаҕа туруорарга инсцени-
   ровката суруйан холонон көрүҥ.

                           УУС-УРАН ТЫЛ ЭЙГЭТИГЭР

    Тэмэлдьигэн Миитэрэй — ааттыын Тэмэлдьигэн,
Тоноҕосчут, нууччалыыта — Стрекоза. Кини киһиэхэ
төһө баайыттан, тойонуттан көрөн сыһыаннаһар. Ба-
лачча былаастаах «аҕа ууһун баһылыга» киһи эрээ-
ри, айдаан ис дьиҥин, чахчытын билэ, быһаара
сатаабакка, «үөһээҥҥилэр» эрэ кыыһырбатыннар,
баайдар эрэ өһүрбэтиннэр диэнинэн тускуланан,
дьонун-сэргэтин олоҕун «салайбыта» буолар. Ман-
нык бэйэлэрин эрэ тустарын толкуйдуур тойотто-
ру А. И. Софронов күлүүгэ таһаарар. Итинник дьон
сиэрэ суох, түктэри майгыларын сытыытык арыйан
ойуулааһыны сатира дэнэр.

  78
   73   74   75   76   77   78   79   80   81   82   83