Page 77 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 77

оҕус буолуон сөп, — диэн баран, эдэр киһи тииһин
быыһынан «чыр» гына силлээн кэбистэ.

    Тэмэлдьигэн тугу да булан саҥарыан булбакка,
айаҕын аллаччы атан баран, иккиэннэрин хардарыта
көрбөхтүү турда.

    — Быһыыта, ардах кэлээри гынна дуу? — Тохтуур,
күүскэ: — Ол кини тоҕо күрүөһүт оҕуһун атын аҕа
ууһун чиэрэс ыытан дьаарбатар?! Дэһээтинньигинэн
туттаран, төттөрү утаартарыахха баар, итиэннэ бу
ороскуоту бэйэтэ көҥүл өттүнэн төлөөбөт буоллаҕы-
на, аҕатын ууһун баһылыгынан иэстэтэн, туттаран
ылыахха. — Хата, бэркэ тыл булан этэн быыһанным
диэххэ айылаах, дьоннорун диэки көрбөхтөөн баран,
тиэтэйбит киһи киэбинэн дайбаан, хоролҕон хара
айан суолун устун киирэн, тайбаахалыы турда. Хара
саадьаҕай атыыр оҕус, сүөһүлэр иһэллэрин көрөн,
мөҥүрүү-мөҥүрүү сири хаһа хаалла.

                                                                              1926 с.

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

   1. Кэпсээн киирии түһүмэҕиттэн аҕа ууһун баһылы-
       га Тэмэлдьигэн Миитэрэй туһунан тугу биллигит?
       Туох сыаллаах ханна баран иһэрий?

   2. Күөттэ Дьөгүөрүн тас көрүҥүн ойуулааһын ааҕаач-
       чыга тугу этэрий?

   3. Тэмэлдьигэн Миитэрэй Көҕүлүйэ уолун ким диэн
       ааттыырый уонна хайдах дьүүллүөх буоларый?

   4. Суруйааччы «холку баҕайытык өйөнөн турар илии-
       тин бүтэйтэн сулбу тардан ылан, сүүһүн сотту-
       махтаата» диэн ойуулааһына туох санааны үөскэ-
       тэрий?

   5. Тэмэлдьигэн Миитэрэй: «Тоҕо итиитэй, доҕоор!..» —
       диэн этиитэ, кырдьык, күн куйааһыттан саллыы-
       ны этэр дуу эбэтэр атын туох ис номохтооҕуй?

                                                                                                                     77
   72   73   74   75   76   77   78   79   80   81   82