Page 75 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 75

туттан чарапчыланан, Тэмэлдьигэни өрө көрөн ба-
ран, сааппыт курдук аҥаар атаҕын төбөтүнэн сири
тыыта-тыыта, сир диэки көрөн турда.

    Тэмэлдьигэн, ону истээт, холку баҕайытык өйө-
нөн турар илиитин бүтэйтэн сулбу тардан ылан, сүү-
һүн соттумахтаата.

    — Тоҕо итиитэй, доҕоор!.. Уйбаан оҕонньор оҕуһа
диэтиҥ дуу? Ол иһин даа, Көҕүлүйэҕэ маннык үчүгэй
сүөһү баар буолуон сөбө суох этэ, — тохтоон ол-бу
диэки көрбөхтүүр, бурдук күрүөтүн тоһоҕотуттан ту-
тан баран, ыгыста-ыгыста, күүһүн муҥунан тардыа-
лаан иэҕэлдьитэр. — Күрүөҥ сууллаары турар эбит
дии, маннык күрүөҕэ күрүөһүтэ да суох сүөһү иҥниэ
суох. Ол Уйбаан оҕонньор күрүөһүт сүөһүнү тутуо
дуо? Хата, кэлэн аалынаары гыммытыгар, сууллан
түспүтүгэр бэлэмҥэ киириэ суоҕа дуо? Ону, бэйэҥ
күрүөҕүн аанньа туппат буола-буолаҕын, итинник
бэйэлээх үтүө сүөһүнү көрөн туран, өссө баалкынан

                                                                                                                     75
   70   71   72   73   74   75   76   77   78   79   80