Page 70 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 70

көһүннэҕинэ, доҕоро Тыппыы ханна даҕаны барба-
тах буоллаҕына, Тумат сиһигэр тахсан тииҥнээн,
кыыллаан киирэр баҕа санаалаах айаҥҥа турум-
мута. Бултаабыт буоллар үчүгэй этэ. Саҕастыырга
хаайтардаҕа. Туох ааттаах киһитэ бу улуу буурҕаны
көрөн туран кэллэҕэй.

    Дьахтар киһи салааскатын соһон, чохороон сү-
гэтин кыбынан, олорор арыытын илин өртүнээҕи
хотоолунан киирэн, Бөлкөй Арыыта диэн ааттыыр
элгээннэрин силээнигэр тиийдэ. Онно бу сайын уу
аҕалбыт сылбах маһыттан ураһалыы туруорута ан-
ньан өрөһөлөөн чөмөхтөөбүтэ баара. Үстүү хардаҕас
уһунугар холуйан, салааскаттан эрэ быгар гына
быһыта охсон, маһын тиэннэ уонна, соругун ситис-
пит киһи сиэринэн, бокуойа суох дьиэтин диэки
дьүккүйээхтээтэ. Мас тиэйиилээх салааска чэпчэ-
китик соһуллар. Буурҕа түһэн хаар чиҥээбитэ диэн
сүрдээх. Аҕыйах хонуктааҕыта киһи тобугар диэри
батарыта түһэн мочоохтуур хаара хомурахха кубу-
луйан, эрэйин улаханнык чэпчэттэ. Куһаҕан үчүгэйэ
суох буолбат диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Хомурах-
ха хаамар тыаһа, санаатыгар, арыы уһугар тиийэ
доргуйан иһиллэргэ дылы. Киһи адьас дыбыгыраччы
хаамар. Ааныс дьиэтигэр тиийиитигэр күн киэһэрэн
барбыта, хаар үрдэ көҕөрүмтүйэн көстөрө. Түргэн
туттунуулаах дьахтар киһи бөкүнүк мастары чохо-
роонунан быһыта сыста уонна сүрдээх сатабыллаах-
тык туттан үөстэринэн хайыта дайбаталаата. Соро-
ҕун сарсыҥҥыга хаалларда. Мас көтөҕөн мадьылы-
тан киллэрэн, оһоҕун оттон тигинэтэн кэбистэ.

    Кэтэһэ сатаан баран, утуйан буккураан хаалбыт
оҕолоругар кээчэрэ кыһан бэлэмнээтэ. Тиит үөһүнүү
кытарымтыйа саһаран көстөр кыһыллыбыт балыгы
остуолга аҕалан ууран эрэ баран, Ааныс оҕолорун
уһугуннартаата.

  70
   65   66   67   68   69   70   71   72   73   74   75