Page 67 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 67

Кыыркаҕа суох маҥан хаар
                  Кылбачыйа тунаарар.
                  Иэдэскин чэбдик дьыбар
                  Ымыы курдук кытардар.
    Бу строфаҕа 7-лии сүһүөхтээх тыллартан наар-
даан оҥоһуллубут устуруокалар кэлэн иһэллэр, онон
хоһоон тэтимин, ол аата ритмин үөскэтэллэр.
                Көмүһүкчээн ини мөһүүрэчээн,
                Төгүрүкчээн ини көлүкэчээн,
                Сирэмнэрдээх ини сирдэрбит
                Сибэккинэн ини чэлгийдэ,
                Сэбирдэхтээх ини киистэбит
                Силигилээн ини киэркэйдэ.
    Хоһоон устуруокаларын тиһэх сүһүөхтэрин дор-
ҕоонун дьүөрэлэһиитэ рифма диэн ааттанар.
    Манна маҥнайгы уонна иккис, үһүс уонна бэһис,
төрдүс уонна алтыс устуруока сүһүөхтэрэ дьүөрэ-
лэһэр, атыннык эттэххэ, рифмалаһар. Ритм уонна
рифма хоһоону хомоҕой, этигэн оҥорор.

         Тыыннаах тыл
        1—2 строфалаах биир тэҥ тэтимнээх, дьүөрэ риф-
   малаах хоһоонно айыҥ.

                                                                                                                     67
   62   63   64   65   66   67   68   69   70   71   72