Page 72 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 72
Киһи үтүө майгыта — олох сүнньэ
АНЕМПОДИСТ ИВАНОВИЧ СОФРОНОВ—АЛАМПА
(1886—1935)
Ааттаах уус-уран тыл көлөлөөх
үтүө айаммыт саҕаланар. Өбү-
гэбит өлбөт-сүппэт кэриэс тыл-
ларынан, үтүө үгэһинэн кынат-
танан айаннаан, көтөн күпсүтэн
иһэбит… Ийэ тылбыт барахсан
киэҥ да киэҥ, уһун да уһун Эбэ
аатырбыт, аарыгырбыт хочоло-
ругар, ынах сүөһү, дьөһөгөй оҕо-
то ханыыласпыт киэҥ сыһыыла-
рыгар, иэгэйэр икки атахтаах,
иннинэн сирэйдээх тоҕойдоон,
тоҕуоруһан олорор түөлбэ, түбэ сирдэрин ойуулуур,
мандардыыр тусаһатыгар туһаайда.
«Дьэ, эрэ!» диэн дорҕоонноохтук сэргээн сурукка
тиһиллибити ааҕан субурутан бардахха… Көрүҥ эрэ,
ытыс таһынар түҥ хараҥа, арай биир дьиэ түннүгэ
кылаҥныыр. Бу кимий? Бэрт дьоҕус туора бытык-
таах, ыраас сэбэрэлээх, өрө тарааммыт бэскилээх
киһи чүмэчи уотун тонолуппакка одуулуу олорор.
Төгүрүк остуолун толору кумааҕы, сурук да сурук,
чэрэниилэ дьэҥкир иһиттэрэ кэккэлээн тураллар.
Билигин да суруйа олорор эбит…
Ийэбиттэн төрүөбүт
Иһирэх тылбын
Иҥэрэн сылдьабын,
Төрүөхпүттэн төлкөлөммүт
Төрүт өспүн
Төлөрүтэ иликпин…
72