Page 69 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 69
аатыгар эрэ хаары тиҥилэхтээт, уутун кутан куру-
латта.
Кини аата — Ааныс. Буурҕа түүннэри-күннэри
улуйар энэлгэниттэн өлө салҕан, күүһэ-уоҕа өһүл-
лэн, адьас сылбаахы буолан хаалла. Бэл, онноо-
ҕор түүнүн-күнүһүн араарыа суох эбит. Хата, дьол-
го чаһылаах буолан, ону даҕаны суукка бүттэҕин
аайытын биирдии хаас тумсун туос тымтайга уган
испитэ. Инньэ гынан түүнүн-күнүһүн булкуйбакка
абыранна. Хаас тумсун улахан уола Сүөдэр мун-
ньар. Кини билигин Саҕастыырга төрдүс кылааска,
интэринээккэ олорон, үөрэнэр. Ааны сабан тахсыа-
ҕыттан кыыл таба сындааһын иҥиириттэн оҥоһул-
лубут сапка тиһиллибит хаастар тумустара оһох үр-
дүнээҕи кирээдэ мас уһугар ыйанан тураллар. Киһи
баара холлуо дуо, Ааныс уолчаанын туһунан саныы
таарыйа, суукка бүттэр эрэ биирдии хаас тумсун
сыыйан ылан испитэ. Онто уон биэс ахсааҥҥа тиий-
дэ. Уһун хонуктаах буурҕа ити курдук киһи сэниэтин
эһэр, өйүкү-төйүкү ыытар.
Өссө биир-икки хонукка буурҕа уһаабыта буол-
лар, оттор маһа отой бараныа эбит. Оҕолоро да-
ҕаны таһырдьаны көрбөккөлөр, чэбдик салгынынан
тыыммаккалар иэдэйдилэр. Түннүк мууһун кырыа-
таан, күн аайы сырдыгы көрө сатыыртан орто уола
Ньукуус салҕан, кэнникинэн тылынан мууһу ириэрэ
сатыыр идэлэммитин буойан нэһиилэ тохтоттоҕо үһү.
Ааныс саба тибиллибит түннүктэрин тас өттүт-
тэн хаардаата. Иһиттэн кырыатаан биэрдэ. Дьиэ иһэ
сырдаабыкка, кэҥээбиккэ дылы буолла. Ньукууһу
таҥыннаран таһырдьа салгын сиэтэ таһаара сырыт-
та. Бэйэтэ буоллаҕына, сырдыгы баттаһа, оттор мас
чордоһо барарга быһаарынна. Кэргэнэ Өндүрэй бэ-
лэмнээн барбыт маһа отой аҕыйах хардаҕас хаалла.
Ол киһи бултаабыт кырсатын туттара уонна табыл
69