Page 68 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 68

Ааҕыы, сэһэргэһии

           СЕМ¨Н АНДРЕЕВИЧ ПОПОВ—СЭМЭН ТУМАТ

                          Улуу кыыл тыына

                                   Уон биэс хонуктаах улуу буур-
                               ҕа уурайан, туундара кэтит иэнэ
                               дьэ тыын ылла. Бу сүдү күүс
                               миккиэригэр бэриммэтэх Куба
                               Арыытын быһах угун саҕа бала-
                               ҕаныттан буруо синньигэс утаҕа
                               тыргыйан таҕыста.

                                   Саба тибиллибит дьиэ күүлэ-
                               тин аанын хаһар тыас иһилин-
                               нэ. Сотору кэминэн халтаҥ ту-
                               гут сонун сымнаҕас сарыыттан
тэлиллибит быанан ыга тардыммыт, сороломмут
чомпой бэргэһэтин кэтэҕин диэки сэгэччи анньым-
мыт, сирэйин көлөһөнүн таба тыһа үтүлүгүн көх-
сүнэн ньухханан кэбиһэ-кэбиһэ, тириппит-хоруппут
дьахтар киһи тахсан кэллэ. Тулалыыр эйгэтин ах-
тыбыттыы, өрүтэ уһуутаан, салгыны түөһүн муҥунан
эҕирийдэ.
    Улуу буурҕа кэнниттэн туундара иэнигэр туох
уларыйыы тахсыбыт эбитий диэбиттии, илиитинэн
чарапчыланан, олорор арыытын соҕуруу уһугун диэ-
ки одуулаата. Илин саҕахха күн сардаҥата кыта-
рымтыйбытын бэркэ диэн сэргии көрдө. Улахан
сонуну билбиттии үөрдэ. Уонна: «Күн. Уо, күн! Күн
барахсан!» — диэн уоһун иһигэр ботугураата. Ити
кэннэ хаар күүлэ иһигэр тимис гынан хаалла. Он-
тон эмиэ күөрэйэн кэллэ. Бу сырыыга биэдэрэлээх
ууну таһаарда. Хаар тибэн хомурахтыйан хаалбыт
бөх тоҕор күрдьүгүн манан этэ диэн сэрэйэринэн,

  68
   63   64   65   66   67   68   69   70   71   72   73