Page 66 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 66

Үөрэр күннүү ылаара,
                      Мунчаарар тунал хаардыы.

                      Оччоҕо мин дууһабар,
                      Кыһыҥҥы дьыбар курдук,
                      Уордаах санаа уһуктар,
                      Уталыппат омуннук.

                      Таптыыбын Сахам сирин
                      Кыһыҥҥы тыйыс күнүн:
                      Күүстээҕи сөбүлүүрүн,
                      Күлүктээҕи сирэрин.

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

   1. Семён Данилов хоһоонугар А. С. Пушкин этии-
       тин эпиграф оҥостубут. А. С. Пушкин этиитигэр
       ханыылаһыах тыллары хоһоонтон булан бэлиэ-
       тэниҥ.

   2. Чэбдик дьыбар, кыһыҥҥы дьыбар, тыйыс күн
       диэн тыллар киһи ханнык санаатын, иэйиитин
       кытта ситимнэспиттэрий?

   3. Хоһоон хайдах ааҕылларый? Ол тугу кытта си-
       бээстээх буолуон сөбүй?

   4. Ааҕарга биир тэтим баар дуо? Тоҕо?

                           УУС-УРАН ТЫЛ ЭЙГЭТИГЭР

    Хоһоонунан этии биир бэлиэ уратытынан ритмэ
уонна рифмата буолар. Туох эмит биир тэҥ тэти-
минэн хатыланыыта ритм дэнэр. Холобур, сүрэх тэ-
биитэ, чаһы тыаһа, от охсор хамсаныы, о. д.а. Са-
халыы хоһоон ритмин тэҥ сүһүөхтээх устуруокалар
дьүөрэлэһиилэрэ үөскэтэр.

    Холобур:

  66
   61   62   63   64   65   66   67   68   69   70   71