Page 61 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 61

Күөх-күөх далайдар
                Күүстээх күрүлгэннэрэ
                 Күүтэ сытара буолаарай?
                 Уо! Сыаналаах сыһыылаар!
                 Сырдык үрүйэҕитин
                 Сыллыы-ууруу сыппыккыт
                 Сыччаҕа буолаарай?
                 Күндү көрүдьүөс сибэккилээр!
                 Күлүмүрдэс уугутугар
                 Көрүнэ-оонньуу турбуккут
                 Күн бүгүҥҥүлээх буолаарай?
                 Синньэ-солко сибэккилэр!
                 Сиэкилэ таас ууга
                 Симэнэ-таҥна турбуккут
                 Сибилигин эрэ буолаарай?
                 Туналҕаннаах ньуурдаах
                 Туналы маҥан толоон!
                 Тулаайахсыйар күҥҥүт
                 Туһаайдаҕа буолаарай?
                 Һуой-һуой!
                 Үөрбүт-көппүт дьүһүннээх
                 Үрүйэчээн оҕотоо!

                                                          (Вольный перевод
                                             элегии Цыганова «Речка»)

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

 1. Бэйиэт сырдык үрүйэчээни таптыы, аһына, кэрэх-
     сии, сөҕө көрөн хоһуйар тылларын булан этитэ-
     лээҥ.

 2. Ааптар хоһоонун икки чааска араарбытын хайдах
     быһаарыаххыт этэй? Ханнык чааска эрэл, хан-
     нык чааска сэрэхэдийэр санаа ордук иһиллэрий?

 3. Үрүйэчээн оҕотугар тэҥнээтэххэ улуу муоралар,
     амырыын байҕаллар, күүстээх күрүлгэннэр туох

                                                                                                                 61
   56   57   58   59   60   61   62   63   64   65   66