Page 57 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 57

Ол тылым туһугар дууһам долгуйар.
    Баҕар, мин тылбын дьадаҥы диэтиннэр,
    Аан дойду мунньаҕар кэпсэппэт буоллуннар —
    Син биир мин тылым — тыл киэнэ сүҥкэнэ.

    Ама даа, Махмудпут ырыатын мин сиэним
    Тылбаастаан ааҕан сыаналыах муҥа дуу?
    Ама, мин авардыы суруйар сэһэннээх
    Бүтэһик поэт аатырыах муҥум дуу?

    Таптыыбын олоҕу, күн сирин барытын,
    Тымныы, ичигэс диэбэккэ таптыыбын.
    Олортон ордук Советскай кыраайбын
    Кыаҕым баарынан авардыы туойабын.

    Ханнык да советскай көҥүл сир туһугар
    Охсуһан охторго өрүү бэлэммин,
    Оттон ол эрээри дойдум буоругар
    Манна көмүҥ диэн кэриэспин этэбин.

    Цада Гамзатын төрүт-уус ыччата
    Расул сытар диэн авардыы тылынан
    Ахтан ааһыахтын аулум ыччата,
    Арыт-ардыгар уҥуохпар таарыйан.

                                            Семён Данилов тылбааһа

     Тыыннаах тыл

    Бу айымньылары тиһиктээн, талбыт тиэмэҕэ өйтөн
суруйуҥ: «Ийэ тылым — барҕа баайым», «Омук кэс-
килэ — ийэ тыла», «Кини миэнэ — ыалдьар ыарыым,
үлэм, күнүм — мин соргум», «Сахалыы саҥарар иһин»,
«Ийэ тыл — өлбөт мэҥэ».

                                                                                                               57
   52   53   54   55   56   57   58   59   60   61   62