Page 54 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 54

Кини былырыын сайын армияҕа ыҥырыллыбыт.
Бу билигин миномётчик буолан, фроҥҥа баран
иһэр соҕотох саха эбит. Саханы көрсүбэтэҕэ аҕыс
ый буолбут.

    — Билигин нууччалары, украинецтары, казахта-
ры, алтаецтары кытта иһэбин, — диир кини. — Үтүө
эрэттэр! Итинник эр бэртэрин кытта ууга да, уокка
да киирэр астык…

    Тугу эрэ толкуйдуур курдук тохтуу түстэ. Вок-
зал уҥуор баар дьиэ сарайыттан туох эмэ эҥкили,
сыыһаны булуохтуу сирийэн одууласта. Онтон эмиэ
эмискэ харахтара күлүм гына түстүлэр уонна эттэ:

    — Чэ, доҕоччуок, таабырын баар, кэрэттэн кэрэ,
күндүттэн күндү, минньигэстэн минньигэс туох баар
буолуой? Таай эрэ!

    Мин, оҕо эрдэхпинэ кыһыҥҥы хараҥа түүн кө-
мүлүөк оһох иннигэр сырана олорон, таабырын-
наһан эрийсэрбин өйдүү түстүм. Ол ахтыы сүрэхпин
ип-итиинэн нүөлүтэн ааста… Бу хаһан да урут бил-
сибэтэх дьон, хаһааҥҥыттан эрэ доҕордуу-атастыы
курдук, вокзал ортотугар көрсө түһээт, таабырын
таайсан барбыппыт миэхэ олуона курдук көстүбэтэ.

    Кэрэттэн кэрэ, күндүттэн күндү, минньигэстэн
минньигэс туох буоларын таайаары, сир-халлаан
түгэҕинэн эргийбитинэн бардым. Күн… Сайын…
Бастакы уураһыы… Мүөт… Хайаларын да этиэхпин
харааччы мунан турдум. Киһим тэһийбэтэ-тулуйбата
быһыылаах:

    — Таайбатыҥ дуу?.. Таайыыта — сахалыы тыл
эбээт!.. Сахалыы тыл! — диэтэ. — Дьэ, кырдьык,
нууччаҕа — нууччалыы, казахха — казахтыы, татарга
татардыы саҥарар үчүгэй буолуо суоҕа дуо?!. Мин
армияҕа сылдьан биллим — сахалыы тыл күндүтүн,
кэрэтин, кини сүрэҕи нүөлүтэр минньигэһин… Мин
сылайдахпына, мөлтөөтөхпүнэ, ханнык эмэ санаа
көтөҕүүлээх хоһоону сахалыы ботугурааммын, күүс-

  54
   49   50   51   52   53   54   55   56   57   58   59