Page 55 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 55
сэниэ эбинэбин ээ… Көр эрэ, мин, кыргыһыыга кии-
рэрбэр, олоҥхо бухатыырын ырыатын испэр ыл-
лыаҕым…
Поезд свисток биэрдэ.
Киһим илиибин харбаан ылла:
— Билэҕин дуо, мин туох иһин сэриилэһэ баран
иһэрим буолуой?
Кини миигиттэн хоруй эрэйэн, одуулаһан турда.
Поезд буоллаҕына, кылгастык кыланан кэбистэ,
түлүр гына дьүккүйдэ да, хоҥнубутунан барда…
— Сахалыы саҥарар иһин!.. Өйдөөтүҥ дуо? Са-
халыы саҥарар иһин! — диэт, киһим илиитин эһэ
охсон ылан, тэбинэн тиийэн, вагон кирилиэһигэр
өрө хатаастан таҕыста уонна эргиллэ түһэн, пилот-
катынан далбаатыы-далбаатыы, хаһыытаата:
— Эрэн, доҕоччуок, эрэн, сахалыы саҥарарбы-
тын фашистар кыайан сабыахтара суоҕа!
Мин тугу да үгүһү хоруй булан эппэккэ: «Быраһаай,
көрсүөххэ диэри!» — диэн хаһыытыы-хаһыытыы,
били мааҕыын ас ылыах буолбут солуурчахпынан
далбаатыы хааллым.
Сахалыы саҥарар туһугар фашистары утары кыр-
гыһарга санаммыт, мин өй булан аатын ыйыппакка
хаалбыт доҕорбун уонна кини эр бэрдэ аргыстарын
олордубут поезд арҕаа диэки субулла турда…
1943 с.
Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
Расул Гамзатов
Төрөөбүт тыл
Түҥ-таҥ буолааччы түүл эрэ барыта.
Түһээммин мин бөлүүн өлөн хаалбыппын.
55