Page 56 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 56

Түөспэр буулдьаҕа таптаран, күн уоттаах
      Дагестан сиригэр охтон сытабын.

      Аттыбар, оол курдук өрүс баргыйар.
      Арай мин умнуллан сытабын өлөөрү,
      Сытабын төрөөбүт дойдум буоругар
      Сотору үлүгэр сир-буор буолаары.

      Кимим да билбэт мин өлөн эрэрбин,
      Кимим да кэлбэт миигин саатата,
      Арай истэбин үөр таба этэрин,
      Халлааҥҥа хотой чаҥыргыыр саҥатын.

      Күөгэйэр күнүгэр өлөн эрэр диэн
      Аһыйан ытыаҕым адьас да суох эбит,
      Доҕор диэн мэлигир, суох эбит күн ийэ,
      Иэйиэх, аһыйыах дьүөгэм да биллибэт.

      Оннук муҥнана өлөөрү сытаммын
      Эмискэ истэбин: дьон ааһан эрэллэр,
      Кинилэр таптыыр төрөөбүт тылбынан,
      Авардыы тылынан, кэпсэтэр эбиттэр.

      Түөспэр буулдьаҕа таптаран, күн уоттаах
      Дагестан сиригэр өлөн эрэбин.
      Ол дьон кэпсииллэр Гасаны араастаан,
      Күлсэ кэпсииллэр Али дьээбэтин.

      Төрөөбүт тылым дуораанын истээтин
      Мин улам тиллэбин, өйдөөн кэлэбин:
      Төрөөбүт төрүт тыл ханнык да ыарыыны,
      Отоһут, эмчит кыайбатын эмтиирин.

      Атыттар атын тыл эмтээх диэтиннэр,
      Мин ырыам тахсыбат ол баай тылынан.
      Мин тылбын сарсын өһүөҕэ диэтэллэр,
      Өлөргө бэлэммин күн бүгүн хомунан.

56
   51   52   53   54   55   56   57   58   59   60   61