Page 58 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 58

Ийэ айылҕа уонна киһи

               АЛЕКСЕЙ ЕЛИСЕЕВИЧ КУЛАКОВСКАЙ—
                            ӨКСӨКҮЛЭЭХ ӨЛӨКСӨЙ
                                      (1877—1926)

                                   Өлөксөй туспа ыал буолан
                               олорор убайа, Уйбаан, сөп-сөп
                               дьонугар кэлэн барааччы. Кини
                               күһүн ийэлээх аҕатыгар хоно
                               сытан:

                                   — Өлөксөйү үөрэттэриэххэ
                               наада. Мин билигин илдьэ тах-
                               сыам уонна күһүн Чурапчыга
                               оскуолаҕа биэриэм, — диэбитэ.

                                   — Төттөйү дуо? — диэн аҕа-
                               та соһуйан, хараҕын өрө көрбү-
                               тэ. Кини уолун үөрэттэрэр эрэ
                               санаата суох этэ.
    — Ээх, Өлөксөйү.
    Дэлиһиэй ити тылтан ньыхах гыммыта уонна,
саҥата суох, хатыҥ үөһэ чэйин сыпсырыйбахтаа-
быта.
    — Ол үөрэнэн… туох туһата баарый?
    — Туох диэн эттэҥий, оттон нэһилиэк суруксу-
та да буоллаҕына, куһаҕан үһү дуо? Ити аҕабыттар
даҕаны үөрэннэхтэринэ эрэ аҕабыт буолаллар дии.
    — Биһиги оҕобут аҕабыт буолара ыраах ини.
    — Чурапчы оскуолатын бүтэрдэҕинэ, куоракка кии-
рэн аҕабыт үөрэҕэр үөрэниэ буоллаҕа дии.
    — Оччоҕо аҕабыт буолар дуо?
    — Буолумуна.
    Дэлиһиэйдээх аҕабыты таҥара илэ төрөппүт ки-
һитинэн көрөллөрө. Оттон кини оҕото үөрэннэҕинэ
аҕабыт буолуохтааҕын оччо-бачча итэҕэйбэтэҕэ.

  58
   53   54   55   56   57   58   59   60   61   62   63